Перевод с якутского
уоһун
туохтуур
Нууччалыы убывать, спадать, уменьшаться в объёме
1 туохтуур #
Уоҕуҥ тахсан мөлтөө-ахсаа, кээмэйгинэн кыччаа, түүрүллэн аччаа
Нууччалыы Убывать, спадать, уменьшаться в объёме
Халыҥ былыт уостан, чысхаан тыал астан, күн бэрдэ күлүмүрдүү көрөн турарын курдук этэ. Амма Аччыгыйа Күн да уота уоста түспэт. Н. Габышев Дьэдьэн буһан-буһан баран уоһунна. Н. Босиков
Өссө холобурдар (1)
Миискэлээх күөрчэх бэлиэр уостубут, түгэҕэ үүт буолбут. “ ХС
2 туохтуур #
Кырдьан, ыалдьан, санааттан-онооттон дьүдьэй
Нууччалыы Худеть, тощать, усыхать из-за старости, болезни, тяжёлых дум
Оҕонньор хайдах эрэ эттиин уостубут, уҥуохтуун тоҥхойбут. Н. Якутскай Костя сирэйэ бу икки-үс хонукка биллэ уостубут, иэдэһэ кырыыламмыт. Н. Габышев Иэдэһин этэ уостан икки омурда хапсыйа куурбут. “ ХС
3 туохтуур #
Туохха эмэ өрүкүйэн баран уоскуйан тохтоон хаал, мөлтөө
Нууччалыы Успокаиваться после чего-л., утрачивать к чему-л. интерес, ослабевать
Соня күүстээхтик сананан киирбитэ күүгэн курдук уостан хаалла. А. Фёдоров Үлэһиттэр сарсыардааҥҥы уохтара арыый уостан барда. И. Никифоров Арай биһиги уоппут эрэ тула кэпсээн-ипсээн уостубат С. Никифоров