ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ааллар

Нууччалыы ехать очень медленно

Ис хоһооно · 5

1 #

аал диэнтэн дьаһ. туһ. Санааҕа ылларар игиинэн аалларар кэриэтэ (өс хоһ.). [Эллэммит тимири] Биир аалларан килбэһитэр, Иккис үүттэтэн чыскытар. С. Васильев

2 #

Аалар курдук бытааннык сыылларан айаннаа (нэс көлө айанын туһунан)

Нууччалыы Ехать очень медленно (обычно о лошади, быке)

  • Кини тойонун тэлиэгэҕэ олордон баран, аргыый айаннаан аалларан испит.
    Н. Заболоцкай
  • Василий Данилов түөрт ырыган оҕуһунан от тиэйэ аалларда
    Н. Кривошапкин

3 #

Дьарҕа буолбут, куруук ыалдьар ыарыыттан эрэйдэн

Нууччалыы Страдать застарелой, хронической болезнью

  • Ол кыһыныгар ойоҕостотон ыалдьыбытым, онтон ыла сэллик өлүү буолан аалларан ыалдьа сылдьыбытым.
    Күндэ
  • [Ийэлэр] оҕолоро аһааҕыран Ыарыйдаҕына аһынаннар Түүн ытыыллар... Аалларан бэйэлэрэ ыалдьаахтыыллар. Онтон төрүт кыһамматтар.
    И. Гоголев
  • Аҕам уруккута буолбатах, хараҕа-көһө мөлтөөн, онуоха эбиитин аалларан ыалдьар буолан күн-түүн кырдьан иһэргэ дылы
    С. Тумат

4 #

Ааспат-арахпат ыар санааҕа эмнэр; ханнык эрэ ааспат санааҕа ыллар

Нууччалыы Постоянно страдать от тяжелых дум; носить неотвязчивые мысли

  • Санаатыгар аалларан аанньа утуйбат, аанньа аһаабат-сиэбэт буолан биллэ хоттордо, көтөхтөрдө.
    Далан
  • Аркадий уол муҥнаах, дьэбиҥҥэ сиэтэр тимирдии, сүрэҕин санааҕа аалларар.
    Р. Баҕатаайыскай
  • Сергей итинник иһигэр уруккуттан ааллара сылдьыбыт боппуруоһа бүгүн кэлэн сааһыланан, олоҕун булбутуттан эмиэ да соһуйа, эмиэ да үөрэ санаата
    В. Яковлев

5 этии #

Нууччалыы Постоянно раздражаться, досадовать при виде кого-чего-л. (напр., от зависти, неприязни)

  • Хараҕын аалларар - кими, тугу эрэ куруук абааһы көрөр, көрө-билэ сылдьан кыйаханар, абарар (хол., ордугурҕаан, иҥсэрэн) "Эмиэ мин баайбар хараҕын аалларда!" - Харытыана хаһыытыы түһэр. "Баайы миэхэ таҥара биэрбитэ".
    Амма Аччыгыйа
  • Ити уонча сүөһүлээхпин, онно хараххытын аалларан эрдэххит дии!
    Н. Якутскай
  • Сир көхсө киэҥ, хараххын аалларыах буоллаххына, атын да оройуоҥҥа халбарыйыллыа! Р. Баҕатаайыскай

«А» буукуба