Перевод с якутского
ааллан
Нууччалыы плавать на плоту
1 #
ааллаа диэнтэн бэй. туһ. Аҕыйах аҕай сылынан биһиги даҕаны көтөр аалланыахпыт. Күндэ
2 #
Аалга олорон айаннаа, аалынан уһун
Нууччалыы Плавать на плоту; плавать на судне, корабле, летать на самолете
Өрүһү туоруурга ааллан. Уу харахтаах Утары көрөн Оломнуур диэни билбэтэх, Ойулҕа санаалаах таба таайан, Аалланар диэҥҥэ санаабатах Ааттаах Хаанаҕа. С. Зверев Орто уол умсар аалланан Муора дириҥин булсуста. Эллэй. [Үтүө сайылыгым үүннэрбит ыччаттара] Ким үрүҥ көмүс аалланан Өлүөнэни өксөйбүтэ, Ким кыыһар былыты үрдүнэн Кылбаарыйа дайбыта С. Васильев
3 #
Элбэх буолан, халҕаһалаан сырыт, бар-кэл
Нууччалыы Ходить, ездить толпой, гурьбой
Матасыыкыллаахтар, ыҥыыр аттаахтар, туох да баһа-атаҕа, кэмэ-кээмэйэ суох төттөрү-таары аалланаллар. И. Никифоров Киэһэ Дворцовай болуоссатынан бассабыыктар броневиктара аалламмыттара. Д. Рид (тылб.)