ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

намылый

туохтуур

Нууччалыы свешиваться, спадать, нависать

1 туохтуур #

Үөһэттэн таҥнары санньылый, санньылыччы ыйанан түс

Нууччалыы Свешиваться, спадать, нависать

  • Солко кур таҥнары намылыйан турар үһү (тааб.: кустук). От-мас мутукчата ситэн, сэлиик ат сиэлин курдук, намылыйан турар кэмэ кэлбит.
    Н. Якутскай
  • И. А. Степанов оҕонньор хаар маҥан баттахтаах, аллараа сэҥийэтиттэн таҥнары намылыйбыт муус маҥан бытыктаах
    Н. Заболоцкай
  • Үөһэттэн аллара оргууй бытааннык түс. Θ Падать тихо, плавно (о снеге), медленно опускаться вниз (напр., о стае птиц). Маҥнайгы хаар намылыйар, Наҕыллык, уу-чуумпутук.
    И. Гоголев
Өссө холобурдар (2)
  • Хаас үөрэ намылыйар, кус үөрэ субуллар.
    ХС
  • Суолу быһа сүр кэрэ, ыраас хаар биир-мээр түһэн намылыйбыта. Ч. Айтматов (тылб.)

2 туохтуур #

Оргууй аҕай, бытааннык хамсан, хаамп (хол., уһун таҥастаах киһи туһунан)

Нууччалыы Двигаться плавно, медленно, вышагивать лениво (напр., о человеке в длинной одежде)

  • Аартыгы намылыйан аллара түстэ. ПЭК СЯЯ. Үс-түөрт төгүл көхсүн этитэн баран, тугу да ылбакка, кини намылыйан тахсан барбыт үһү
    А. Софронов

3 туохтуур #

Намыыннык дьиэрэтэн, унаарыччы саҥар; оргууйдук дьиэрэһий (ырыа, муус. дорҕ. туһунан)

Нууччалыы Говорить, напевать спокойно, тихо, нежно; разноситься плавно вдаль (о звуках песни, музыки)

  • "Чэ, түс даа", - ааттаһардыы намылыйда.
    Амма Аччыгыйа
  • Ырыа оргууй намылыйар, арыт үрдээн күөрэйэн ылар уонна уу-чуумпу балаҕан түөрт эркинигэр охсуллан, ханна эрэ ыраах унаарыйа устар
    А. Бэрияк

«Н» буукуба