Перевод с якутского
нэмирий
туохтуур
Нууччалыы свешиваться, свисать, спадать
1 туохтуур #
Үөһэттэн аллара намылыйан түс
Нууччалыы Свешиваться, свисать, спадать (напр., о шерсти животных)
Хата нэмирийбит уһун түүлээх кырдьыбыт эриэн ыта олбуорун айаҕар сэниэтэ суохтук үрэн, налбыгыр кулгаахтарын тэбээтэ. Амма Аччыгыйа Нэмирийбит лабаалаах хаары бүрүммүт тииттэр суол саамай кытыытыгар ыга симсэн тураллар. Г. Николаева Хойуу мутукчалаах, суон лабаалардаах соҕотох аар тиит өрө нэмирийэн тахсан, мотуок солко мутукчатын салгын хоту далбаатана хамсыы турар А. Бэрияк
2 туохтуур #
Үрдүк сиртэн оргууй аҕай хамсанан түс, хаамп (уһун түүлээх туох эмэ туһунан)
Нууччалыы Двигаться, опускаться медленно в более низкое положение (о ком-л. с длинной шерстью)
Ол олорон [оҕолор] үөһэттэн эһэ нэмирийэн иһэрин эмискэ көрө түспүттэрэ
Суорун Омоллоон