Перевод с якутского
намылыт
туохтуур
Нууччалыы свесить, опустить вниз что-л., распустить
1 туохтуур #
Уһун субурҕа тугу эмэ үөһэттэн аллара түһэр, ыйаан субурут
Нууччалыы Свесить, опустить вниз что-л., распустить (напр., косы)
Саһара эргэрбит убаҕас кыллаах дэйбиирин таҥнары намылыппыт. Амма Аччыгыйа Хойуу чыпчааллаах, сыгынньах умнастаах бэстэр, баай лабааларын сэниэтэ суохтук намылытан турар тииттэр -- күн уотун көрсө үөрүүлээхтик долгустулар. Л. Попов Олоппоско ууруллубут, күүгэннээх төгүрүк таас үрдүгэр төҥкөйөн, үп-үрүҥ сарыннаах дьахтар хара, хойуу баттаҕын намылытан, сууна турар Н. Габышев
2 туохтуур #
Быыстала суох субуллан эрэр курдук бытааннык түс (сөҥүү туһунан)
Нууччалыы Идти, падать тихо, медленно, спокойно (о снеге, дожде)
Бүтэй, болоорхой сырдык халлаантан холку баҕайытык аны хаар түһэн намылытта. Н. Габышев Халлаан намылҕа сэһэнньит курдук, Аргыый ардаан намылытар И. Эртюков
3 туохтуур #
Уһуннук унаарытан саҥар, оргууйдук наҕыллык дьиэрэһит (ырыа, муус. дорҕ. туһунан)
Нууччалыы Говорить, напевать тихо, нежно, мягко (о звуках песни, музыки)
Онтон уруккуттан ырыаһыт быһыытынан күүстээх, нарын куолаһынан ыллаан намылытта. Далан Киһи быар куустан туран наҕылыччы саҥаран намылытта. Болот Боотур Үскэл улахан киһи нарын лирическэй ырыалары толорон намылыта турар ХС