ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

намылыччы

Нууччалыы так, чтобы висело, струилось сверху вниз (напр

1 #

сыһ

  • Уһун суһуоҕун кууруор диэри намылыччы тараан баран мөлбөөрүччү өрөн кэбистэ
    Н. Якутскай

2 #

Санньылыйан, субуруйан, намылыйа түһэн

Нууччалыы Так, чтобы висело, струилось сверху вниз (напр., усы, волосы). Үөһээ бытыга намылыччы үүммүтүттэн кини сирэйин быһыыта хайдах эрэ сыалыһар хоҥоруутугар маарынныыр

3 #

Холкутук, унаарыччы (саҥар, эт)

Нууччалыы Тихо, нежно, мягко (говорить)

  • "Буолумуна, хайа мин көрө испитим дии", - аргыый аҕай намылыччы саҥарда.
    А. Софронов
  • Удаҕан куолаһын уларытан, намылыччы сыыйа ыллыырын ууратан, нүһэрдик туойан барда
    Болот Боотур

«Н» буукуба