ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сабырый

туохтуур

Нууччалыы нависать над чем-л., свешиваться, ниспадать

Ис хоһооно · 4
I

1 туохтуур #

Туохха эмэ ыйанан, намылыйан саба түс, таҥнары намылый

Нууччалыы Нависать над чем-л., свешиваться, ниспадать

  • Балаҕанын сыбаҕа аллара сыҕаллан, -- түннүккэ таҥнары сабырыйбыт.
    Амма Аччыгыйа
  • Кыыс саҥата суох илиитин киһитин санныгар уурда, -- өтөр кыргыллыбатах баттаҕа моонньугар тиийэ үүнэн сабырыйан түспүтүн тарыйбахтаан көрдө.
    Н. Заболоцкай
  • Халлаан саҕаҕа ол ойуур нөҥүө өттүгэр түһэн сабырыйан турарга дылы.
    Н. Павлов
Өссө холобурдар (1)
  • Эмискэ арҕах аанын таҥнары сабырыйбыт хаар үрэл гынарын кытта, соҕотохто хара баҕайы бэрикис гынна
    А. Фёдоров

2 туохтуур #

Кээмэйгинэн төһөнү эрэ кыратык аһары бар, орт

Нууччалыы Оказаться больше чего-л., превысить в количестве (весе, возрасте)

  • Туһаммыт суолбун Тоҕо умнуомуй, тойонуом! [От] Аҕыс быластан Арыый сабырыйа этэ.
    А. Софронов
  • Сарсыарда үс чаас саҕана уу быһыт айаҕар миэтэрэттэн сабырыйда.
    М. Доҕордуурап
  • Оҕонньор, сааһа төһө да сэттэ уонуттан сабырыйа бардар, билигин да лэс курдук толору эттээх-сииннээх
    В. Яковлев

3 туохтуур #

Туохха эмэ кими-тугу эмэ баһый, чорбой

Нууччалыы Иметь преимущество перед кем-чем-л., превосходить кого-что-л. в чём-л

  • Аныгы ыччат былыргы биһигиттэн ыраах сабырыйа дьон эбээт.
    Амма Аччыгыйа
  • Дьонтон чахчы эргиччи чорбойор, сабырыйар эрэ буолан, дьону салайар дуоһунаска олороҕун.
    Н. Лугинов
  • Төһө эмэ кэргэннээх, оҕолоох ыал аҕата буолан баран, кырдьык даҕаны бу оскуоланы саҥардыы ааһан эрэр кыысчаантан туох атыннааҕый, кинини сабырыйар туох аҕа быһыы баарый?
    В. Яковлев
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. др. -тюрк. йапры хулах ‘отвислое ухо’
II

4 туохтуур #

дьүһ. туохт. Тулаҕын хаххалыыр, күлүктүүр курдук улахан көстүүлээх, киэҥ сабардааһыннаах буол

Нууччалыы Закрывать, заслонять собою что-л., будучи крупных размеров

  • Куорат үрдүнэн уулаах быстах былыт ыаһыра сабырыйар.
    П. Аввакумов
  • Тоҥ тордох үүнэн, соноон, улаатан сабырыйан тахсан истэ.
    Н. Заболоцкай
  • Халлааҥҥа тиийэ хара буруо өрө сабырыйан таҕыста
    ХС

«С» буукуба