Перевод с якутского
сабыһын
туохтуур
Нууччалыы нависать, хмуриться, насупиться, набрякнуть
Ис хоһооно · 4
1 туохтуур #
Аллара сабыччы түс (хол., киһи хааһын, халтаһаларын этэргэ)
Нууччалыы Нависать, хмуриться, насупиться, набрякнуть (напр., о бровях, веках человека)
Киэҥник көрбүт хараҕын халтаһата улам сабыстан, иэдэһин быччыҥнара улам сымнаан бардылар. Софр. Данилов. Андреевич күп-күөх дириҥ харахтара сабыста-сабыста өрө-таҥнары түрдэҥнэстилэр П. Филиппов
2 туохтуур #
ан эмэ кэри-куру дьүһүннэн, кэри-куру буол
Нууччалыы Становиться угрюмым, мрачным, хмурым, неласковым
"Тыый, доҕоор, бу хантан күөрэйдиҥ?" - субу сабыстан олорбут Тиит доҕорун куолаһын истэн үөрэн хаһыытыы түстэ.
Н. ЛугиновӨлөксөй оҕонньор, сирэйэ-хараҕа сабыстан, күлүгүрэн туран, тас таҥаһын эмээхсинигэр көмөлөһүннэрэн уһулан, -- оронун диэки салҕаластаата. П. Аввакумов Кинээс, хайдах эрэ сирэйэ сабыстан, умса көрөн турда. М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (3)
Били мичээрдээбит эйэҕэс харахтара сабыстан, сирэйэ дьиппиэрэн, саҥата чиҥээн хаалла П. Филиппов Мунчаар, муҥутахсый. Θ Быть подавленным, хмуриться, грустить, печалиться. Силиппиэн саараҥнаабыт, сабыстыбыт уонна куттаммыт киһи быһыытынан остуол атаҕын көрөн олордо. Л. Попов Туох эрэ алҕаһы оҥоро сыспыттыы саҥата-иҥэтэ суох сабыстан сылдьыбытым ХС
3 туохтуур #
Кимтэн-туохтан эмэ симиттэн, толлон тохтоо, оҥоруоххун оҥорума
Нууччалыы Теряться, робеть, смущаться
Оҕо улахан дьонтон сабыстан саҥарбат. Ыкынаачай кинээс өһүргэнэн, баар дьону барыларын үлтү түүрэйдиэн, куттаталыан баҕарда эрээри Пластинов дириҥник, кинини курдаттыы көрөр курдук сытыы харахтарыттан сабыһынна. Д. Очинскай Начаалынньыгын куолаһа тыйыһырбытыттан сабыстан, анарааҥҥыта чугуруйдар чугуруйан кэбиниэттэн тахсан барда. ДФС КК. Чурум-Чурумчуку, өйө-санаата урут сабыста үөрэммитинэн саба баттана сылдьарын, ыраахтааҕыны кэм да итэҕэйэрин туһунан өйдөбүл үөскүөхтээх КАА ТЛБКҮө
4 туохтуур #
поэт. Хараҥаран, чуумпуран, кэри-куру чуҥкук дьүһүннэн (хол., халлааны, айылҕаны этэргэ)
Нууччалыы Потемнеть, потускнеть, стать унылым, хмурым (напр., о небе, природе)
Халлаан былытыран, сабыстан, хараҥа хойдон истэ. Болот Боотур Саҕах үрдүттэн саҕаланан Сандал күммүт сабыһынна. С. Тимофеев Сөҕүрүйэн эрэр чох эмиэ хараара сабыстан иһэн күлэн-үөрэн кэлбитэ. И. Федосеев
Өссө холобурдар (1)
Өр турда хара тыа сабыстан, Уу иэнэ иһийдэ, Бэл диэтэр, сиккиэр тыал кыбыстан Куулаҕа кирийдэ ХС