Перевод с якутского
таммах
аат тыл
Нууччалыы капля
English drop
Ис хоһооно · 4
1 аат тыл #
Нууччалыы капля
English drop (of liquid)
сиик таммаҕа капля росыdewdrop хаан таммаҕа капля кровиa drop of blood
2 аат тыл #
Убаҕас төгүрүк быһыылаах биир кыракый өлүүскэтэ, хаапыла
Нууччалыы Капля. Биир таммах уу, муннун төбөтүгэр үҥкүрүйэн кэлэн, түһэр сирин көрүммүт курдук, тохтуу түһээт, илиитин көхсүгэр "мөл" гына түстэ. Амма Аччыгыйа. Ардах маҥнайгы таммахтара тобугураабытынан бараллар. Күннүк Уурастыырап. Кини харахтарыттан сырдык таммахтар мөл-мөл түстүлэр. Т. Сметанин. Сааскы самыыр ибиирбит Таммахтарын көрөбүн, Били моойгор иилиммит оҕуруоҕун өйдүүбүн. П. Тулааһынап
3 аат тыл #
Бэрт кыра, аҕыйах ахсааннаах туох эмэ
Нууччалыы Самое малое количество чего-л
Далайга таммах да хаалбат (өс хоһ.). Быһыты быыһынан таммах да ууну ыыппат гына, уон тарбах бүтүннүү кичэйэн үлэлиэхтээх. Амма Аччыгыйа Билиҥҥэ диэри биир таммах ардах түспэтэ
Суорун Омоллоон
4 этии #
таммах хаан хаалыар диэри калька. – тыыннаах тухары, хара өлүөххэ диэри (сэриилэс, охсус, көмүскэн)
Нууччалыы соотв. До последней капли крови. Роман чугуйары сөбүлээбэт, этэргэ дылы, таммах хаан хаалыар диэри инники кимэр баҕалаах. Ф. Софронов. Сэбиэскэй сир хас миэтэрэтин дьүккүөрдээхтик, биир таммах хаан хаалыар диэри көмүскүөххэ. А. Данилов. Москваны таммах хаан хаалыар диэри көмүскүөм. Л. Толстой (тылб.). Ср. туркм. даммак ʻкапатьʼ