ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

алларыт

туохтуур

Нууччалыы изнурять, обессиливать, подрывать здоровье

1 туохтуур #

Өтөр өрүттүбэт курдук сылат, сэниэтин эс, доруобуйатын улаханнык мөлтөт

Нууччалыы Изнурять, обессиливать, подрывать здоровье

  • Ол оҥхойго ордук үөрэн, кырдьар саас, кыргыс-охсуһуу, атаан-мөккүөр алларыппыт Куралай Кустуга онно бүгэн көхсүнэн чоп түстэ.
    Д. Апросимов
  • . Дьэбини тимир кэбирэтэр, киһини санаа алларытар. Күнүк Уурастыырап. Хаайыы! Алларыттыҥ ээ эн миигин, Күнүһү түүнтэн араарбаппын. Баар-суох эрэлбин, истиҥ иэйиибин Бу уораҕай аалла алыһын. М. Джалиль (тылб.)

2 туохтуур #

Улаханнык алдьат-кээһэт, урусхаллаа

Нууччалыы Разрушать, разорять

  • Аҕыйах бостуук уонна биригэдьиир тустаах үлэлэригэр дьалаҕайдык сыһыаннаспыттара хаһаайыстыбаны алларытар. "Кыым". Пепеляев биһигини биир-биир үлтү сынньарга, ол кыаллыбатаҕына, аара элбэх тоһууру оҥортоон, күүһү алларытарга санаммыт
    ХС

«А» буукуба