ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

аҕалыы

сыһыат, аат

Нууччалыы отечески, по-отцовски

I

Аҕа курдук (амарахтык, кыһамньылаахтык)

Нууччалыы Отечески, по-отцовски (заботливо, сердобольно)

  • Оҕонньор тыаһы истэн, Утары ойон тахсар, Алыс өр күүтэн, үөрэн, Аҕалыы кууһан ылар.
    Күннүк Уурастыырап
  • Макар Ивановичка, арааһа, аҕалыы иэйии хоммотоҕо эмиэ чахчы быһыылаах.
    Н. Лугинов
  • Эдэр үлэһиттэргэ Серго ордук амарахтык, өссө мин этиэм этэ, тапталлаахтык, эйэҕэстик, аҕалыы сыһыаннаһара
    ОТК
Өссө холобурдар (3)
  • аҕал диэнтэн хай. аата. Табаары аҕалыы.
  • Дьол диэн олоххо бэйэ дьиҥнээх миэстэтин булуу. Норуокка кыалларынан элбэх туһаны аҕалыы.
    Н. Лугинов
  • Хос иһэ бүтүннүүтэ соҕурууттан аҕалыы малынан күлүмүрдүү турара, лааҕа сиэркилэлии килбэчийэрэ. Р. Баҕатаайыскай

«А» буукуба