ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тыһы

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы самка

English she-, -ess

Ис хоһооно · 6

1 аат тыл #

Нууччалыы самка

English she-, -ess (indicates the female of certain animals)

  • тыһы бөрө
    волчицаshe-wolf
  • тыһы хахай
    львицаlioness

2 аат тыл #

Нууччалыы тонкий

English thin, fine

  • тыһы кыл
    тонкий конский волосfine horsehair
  • тыһы талах
    тонкая иваa thin willow

3 аат тыл #

Төрүүр-ууһуур дьоҕурдаах, айылҕалаах харамай

Нууччалыы Особь женского пола, самка

  • Үчүгэйкээн бэйэлээх хара саадьаҕай тыһы ньирэй, киинин санньылыппытынан, хааман бакаалаабытынан барда.
    Күннүк Уурастыырап
  • Оҕо бөрөлөр -- иннилэригэр иһэр кырдьаҕас тыһы бөрө диэки көрөн, хороһон олортоон кэбистилэр.
    Р. Кулаковскай
  • Тыһы мохсоҕол атыырынааҕар улахан, бөдөҥ, көрдөххө харахха тута быраҕыллар
    Чолбон

4 даҕааһын #

суолт. Синньигэс

Нууччалыы Тонкий (напр., о конском волосе)

  • Киһи иннигэр тыһы кылы көрөр, бэйэтин иннигэр бэрэбинэни да билбэт (өс хоһ.). [Ньургун Боотур] кулгааҕын тыаһа орулуос кус кынатын тыаһын курдук куугунаан истэ; сирэйэ тыһы талаҕынан быһыта сынньар курдук сырылаан истэ. Ньургун Боотур. Мин өлбүт таба этин тула өттүттэн күрүөлээн кэбистим уонна, аҥаар өттүн сатаҕай хаалларан саанан айа тартым, көрбөтүн диэн, маҥан синньигэс тыһы кылынан сыһыылаан кэбистим.
    Н. Заболоцкай
  • Киһи барахсан олоҕо, арыт, тыһы кыл саҕаттан тутулла сылдьара эмиэ баар буолар. М. Тимофеев-Терёш кин

5 этии #

Нууччалыы Речистый, красноречивый (букв. словом расщепляет тонкий конский волос)

Этиилэр

Тыһы кылы тыыра этэр

киһини ылыннарар уус тыллаах, саҥалаах Тыһы кылы тыыра этэр уус тыллаах киһи (өс хоһ.

  • ). Эн курдук тыһы кылы тыыра этэр уус тыллаах оҕонньор көрдөһүүтүн хайа дьахтар аккаастыай? Болот Боотур

6 этии #

Нууччалыы В старину – молодые парни и девушки, прислуживающие богатым якутам (эпитет, аҕыс тыһы кыталык кыыл курдук ‘словно восемь самок стерха’ употребляется в значении ‘красивые, пригожие (молодые люди)’)

  • аҕыс тыһы кыталык курдук кыргыттар фольк. – былыргы баай сахаларга илии-атах буолар эдэр хамначчыттар (эдэр, кырасыабай дьүһүннээх уолаттар, кыргыттар диэн суолтаҕа этиллэр) Аҕыс тыһы кыталык курдук кыргыттар, аҕыс сиэллээх кэриэн ымыйаны арылыас кус сымыытын курдук араҕас арыынан адаарытчы-будаарытчы арыылааҥҥыт, айахта тутуҥ. Ньургун Боотур. Чэйиҥ! Тоҕус субан туруйа курдук уолаттаар, аҕыс тыһы кыталык курдук кыргыттаар! Бу оҕолору ой курдук оҥоруҥ, тах курдук таҥыннарыҥ!
    Саха фольк
  • Тыһы кыталык курдук фольк. – кырасыабай, кэрэ дьүһүннээх (дьахтар). Θ Очень красивая, прекрасная (о женщине) (букв. словно самка – стерх). Балта тиийэн, тыһы кыталык курдук дьахтар тиийэн эмээхсин оҕо өттүгэр "дьорос" гына түстэ. Ньургун Боотур. Тыһы сибэкки бот. – бытыга (тычинката) суох сибэкки. Θ Женский, пестичный цветок. Оҕурсу икки гибридтэрэ олус элбэх тыһы, аҕыйах атыыр сибэккилээхтэринэн уратылаһаллар, ардыгар атыыр сибэккилэрэ олох суох буолаллар. КЮС ОАҮүА. Оттон аҥаардас соҕооччуктаах эрэ сибэккилэр тыһы сибэккинэн ааттаналлар. ҮСАКИ-5. Тыһы уонна атыыр сибэккилэр үксүн биир үүнээйигэ [кабачокка] сэбирдэх хонноҕор үөскүүллэр. ЕАМ ББКП. ДТС, кум., уйг. диал. тиши, тур. диши

«Т» буукуба