ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тимирдий

туохтуур

Нууччалыы иметь суровый, жёсткий вид. [Аар Тойон] кыыһыран, уордайан, тимирдийэ дьиппиэрбит, дьыбарсыйа тымныйбыт харахтара улам сымнаан, сылыйан истилэр

туохтуур

Тыйыс, дьиппиэн, дьэбир, кытаанах көрүҥнэн

Нууччалыы Иметь суровый, жёсткий вид. [Аар Тойон] кыыһыран, уордайан, тимирдийэ дьиппиэрбит, дьыбарсыйа тымныйбыт харахтара улам сымнаан, сылыйан истилэр

  • Софр. Данилов. Ытыктыыр кырдьаҕас саллаатыам! Уорастыйа, уйаргыы да олорон, Ымыттыбакка, ыксаабакка, тимирдийэн да туран, Харах уутун таһаарбакка, хайдах баарынан кэпсэтиэх.
    Р. Баҕатаайыскай
  • [Өлөксөй] өлүү-тиллии быһаарыллар ынырык кэмигэр сити курдук тимирдийэ тыйыһырар, дьэбир бодолонор буолбута
    Багдарыын Сүлбэ
  • Ыардык, уорастыйан, кутталлаахтык көһүн. Θ Выглядеть угрожающе, устрашающе. Эн өйдүүгүн буолбаат, Томми, Олус бэркэ өйдүүгүн Хараара тимирдийбит Эльбатааҕы уордаах түүнү.
    И. Гоголев
Өссө холобурдар (2)
  • Шпрее хара уута тимирдийэр Ис-иһиттэн иҥиэттэ уорастыйан.
    С. Тарасов
  • Ким этиэй хас саллаат Тымныы долгуҥҥа тимирбитин?! Көрөбүт арай халлаан сэрииттэн тимирдийбитин
    И. Артамонов

«Т» буукуба