ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сүҥ

даҕааһын

Нууччалыы очень большой, огромный. [Аттар] Сүлүһүн илбис дугуйдаммыт Сүҥ байҕал хотуну Бэтэрээ бэлэһинэн Битийэ көттүлэр

1 даҕааһын #

, фольк. Сүҥкэн, олус улахан

Нууччалыы Очень большой, огромный. [Аттар] Сүлүһүн илбис дугуйдаммыт Сүҥ байҕал хотуну Бэтэрээ бэлэһинэн Битийэ көттүлэр

  • Сүллэр этиҥ ньиргиэрдэммит, Сүлүһүн илбис дугуйдаммыт Сүҥ байҕал түгэхтэммит, Тунаах былыт урсуннаах Туустаах байҕал тулалаах -- Орто дойду оҥоһуллубута үһү.
    П. Ойуунускай
  • Ким көрбүтэй сүҥ эрилик Хотой төрөөт дайбытын?
    И. Гоголев

2 этии #

Нууччалыы Жёсткий, суровый (о ком-чём-л.)

Этиилэр

Сүҥ дьааһын көр дьааһын

Э-э дьэ, мин диэтэх киһи сүгэ балта, сүҥ дьааһын тылбын истэн олор эрэ! ПЭК ОНЛЯ V. Сүүс сүллэр этиҥнии дуораттын Сүүс омук сүҥ дьааһын куолаһын. С. Тарасов. // Кытаанах, нүһэр (ким-туох эмэ көрүҥүн этэргэ) Аттыгар хардаҥ эһэ тириитэ ыйанан турара кинини ордук сүҥ дьааһын, дьиппиэр, модун киэптиир. "Кыым". Сүҥ хаан фольк. – ытык-мааны, дархан.

Почтенный, достойный уважения.

  • Бу маннык сиргэ Одун хаан оҥорбут Сүҥ хаан улуустарын Сүгэ тойон аймахтарын, -- Дьылҕа тойон Оҥорон айан-кэрдэн түһэрдэҕинэ – оччоҕо эрэ бу сир иччитин булуо эбит нии, доҕоттор? Ньургун Боотур. Тукаам, Тыаһааны, эн Сүҥ хаан аҕаҥ Батас лыҥкыныырын эрэ манньыйан истибэт, Күөрэгэй дьырылыырын эмиэ кэрэхсиир. И. Гоголев

«С» буукуба