ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

дьааһын

даҕааһын

Нууччалыы сильный, как удар грома, молнии, неимоверный, грозный, массивный, увесистый (по старинному поверью якутов дух огня считается всесильным, всемогущим

1 даҕааһын #

, үрд. Сааллан түһэр этиҥ, чаҕылҕан курдук дуолан күүстээх; уордаах, ыар, ыар-нүһэр, олус ыарахан, дьоһуннаах, ньыгыл, олус кытаанах (былыргы сахалар өйдөбүллэринэн, уот иччитэ тугу барытын кыайар кыахтаах. Бу тыл уоту кытта сибээстээх, онон туох эмэ аһара ордугун, уһулуччутун көрдөрөр)

Нууччалыы Сильный, как удар грома, молнии, неимоверный, грозный, массивный, увесистый (по старинному поверью якутов дух огня считается всесильным, всемогущим

  • Данное слово обозначает превосходную степень какого-л. признака предмета). Саалыр былыт Чаппарааҕынан чаппараахтаата, Бардам дьааһын Баһын быатынан Бас быалаата, Көҥдөй Көнтөһүнэн көнтөстөөтө.
    Күннүк Уурастыырап
  • Тулуй, кэрэ Кэтириинэ! Туох бу илин иһиллэр? Иэстэбил дьааһын этиҥин Ити илдьэ иһэллэр [өстөөҕү үлтү сынньар сэрии тыаһын туһунан]
    С. Тарасов

2 этии #

Нууччалыы Чрезмерно холодный, морозный

Этиилэр

Аан дьааһын

наһаа, олус тымныы Аҕыс ыйдаах аан дьааһын кыһынтан Айманан, куттанан көрбөккө, Ыал буолан, дьиэ туттан, аал уот оттон Олорбуттар ээ син өлбөккө.

  • И. Эртюков.

Саҥ дьааһын

саамай муҥутуура, чыпчаала.

Апогей, вершина.

  • Улуу ойуун Гургули Саҥа дьааһын түүн үөһүгэр, Сөрүүн тордох иһигэр Кытаанахтык утуйда, Дьикти түүлү түһээн барда.
    В. Лебедев

Сөҥ дьааһын

ыар-нүһэр, дьоһуннаах.

Веский, внушительный, глубокий.

  • Мин кырыйдым, быһыыта, Түүлүм-быарым ыараата. Өлбүт дархан төрүттэрим Сөҥ дьааһын өбүгэлэрим Түүлбэр-биппэр биллэннэр Эрсэҥнэһэн эрэллэр.
    И. Гоголев
  • Бэйэм тыа киһитэ буоламмын Бэл түүнүн түһээммин ахтабын Хайҕахтаах быардары хамсатар Халыҥ тыам сөҥ дьааһын саҥатын.
    С. Тарасов

Сүҥ дьааһын көр сөҥ дьааһын

  • "Ээ, дьэ, мин диэтэх киһи сүгэ-балта, сүҥ дьааһын тылбын истэн олор эрэ!". ПЭК ОНЛЯ I. Дьылҕа сүҥ дьааһын сэмэлэриттэн Дьулааннаахтара эбит – диир санаа, Ыарык буолан, муҥур муҥатыйыы Чүөмпэтигэр тимиртэ.
    С. Данилов
  • Сүүс сүллэр этиҥнии дуораттын Сүүс омук сүҥ дьааһын куолаһын: Алаһа дьиэ дьоҥҥо соҕотох, Аан дойду бар дьоҥҥо – соҕотох. С. Тарасов

«ДЬ» буукуба