Перевод с якутского
умус
туохтуур
Нууччалыы нырять
English (with dat.) to dive
Ис хоһооно · 7
1 туохтуур #
Нууччалыы нырять
English (with dat.) to dive (into)
ууга умус нырнуть в водуto dive into the water
2 туохтуур #
Бүтүннүү тимирэн уу иһигэр киир, оннук тимирэн уу аннынан сырыт
Нууччалыы Резким движением погружаться в воду с головой, нырять в воду
Манна кэлэн Кеша биһикки оҕолуу мэниктээтибит, уунан ыһыстыбыт, умсан атахпытын харбастыбыт, кумахха куобахтаатыбыт. Н. Габышев Мойот тугу да саҥарбакка икки илиитинэн муннун бобо туттан "чолк" гына умсан хаалла. Т. Сметанин Ити кэмҥэ куоҕас, эргичиҥнии түһээт, умсан мэлис гынан хаалбыта С. Никифоров
3 туохтуур #
Бүк түһэн, төҥкөс гынан ыл, умса тутун
Нууччалыы Направляться, опускаться книзу, наклоняться
Ол ыраас, ол сылаас сыа хаарга Умсаннар улардар хоноллор. С. Данилов Тустууга кыайтарбыт киһи маайкатын быатын төлөрүтүнэр, ол кэннэ кыайбыт киһи хонноҕун аннынан умсан тахсар И. Федосеев
4 туохтуур #
Туохха эмэ бүтүннүү суулан, бүрүйтэр (хаарга, тумаҥҥа, буруоҕа)
Нууччалыы Быть окутанным, обволоченным чем-л
Олохтоох дойдубут Орулаан-оргуйан Хаһыыран-ыһыыран хаарыгар умуста.
П. ОйуунускайЛондоҥҥа, Парижка, Нью-Йорка уулусса былаахха умуста. Күннүк Уурастыырап Тымныы этэ, бөһүөлэк бүтүннүү күдэрик тумаҥҥа умсан олороро В. Протодьяконов
5 туохтуур #
Туохха эмэ олус күүскэ өйө-төйө суох, тугу барытын умнан туран ыллар
Нууччалыы Предаваться, целиком отдаваться чему-л
Саҥа күн күлүмэх түбүгэр мин умсарга бэлэммин. С. Данилов "Тэлэбиисэргэ умсан баран сыталлар, – Лиза оргууй аҕай ньылҕаарытар. – Коля, былырыын антенналарын быһыта эрбэтэлиэх буолар этиҥ дии". ХС Муҥура суох таптыыр киһи суос-соҕотох сокуоннаах: Муҥун-сорун тууйа сылдьан кыыһын эрэ саныахтаах, Туһааннааҕын араардахха уот кутааҕа умсуохтаах. Ш. Руставели
Өссө холобурдар (2)
Мин суобаһым ыраас, оттон эйиэнэ арыгыга умсубута чахчы ХС Туохха эмэ дириҥник иҥэн-тоҥон киир (билиигэ, үөрэххэ, ханнык эмэ боппуруоска). Θ Изучать, понимать что-л. глубоко, вникая во все детали, подробно. Аныгы дьон туохха барытыгар научнай өттүттэн киирэллэр. Ол иһин дириҥник умсан, элбэҕи сомсон эрдэхтэрэ
Н. Лугинов
6 туохтуур #
Туох эмэ быһылааҥҥа (хол., сэриигэ) өл
Нууччалыы Пасть, погибнуть при тяжёлых столкновениях (напр., на войне) или событиях с тяжёлыми последствиями
Хас оҕо киэһэ аһыыра суох, тулаайах хаалбытай, хас дьадаҥы ийэ-аҕа хаарыан ыччата умсубутай? Амма Аччыгыйа Ыраахтааҕы сэриитигэр икки уолум баран умсубуттара. И. Гоголев Кыһалҕата суох олох дьолун саҥа билэн иһэн, кини умуста. Болот Боотур
Өссө холобурдар (1)
Степан 1942 сыллаахха Ржев куорат аттыгар умсубута. ПДА СС
7 туохтуур #
Кэҕин, түҥнэһин, самын (хол., олох соргута, уйгута, түөрэх туһунан)
Нууччалыы Хиреть, вырождаться, сходить на нет
Улахан ураһа дьиэ Орто туоһун саҕа Умсан биэрбэт уһун Уйгу быйаҥ олохтонуҥ.
Өксөкүлээх ӨлөксөйТиистээх-тыҥырахтаах тимир үйэнэн Тилэх тэпсэн, күөн көрсөн, Биирбит өрөгөйө үрдээтин, Биирбит соргута умустун!
П. ОйуунускайТүөрэхпит умсубат, төлкөбүт төннүбэт Төрүттээх ыһыаҕын кэскиллээн тэрийдин Күннүк Уурастыырап