ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

умуһах

аат тыл

Нууччалыы помещение под полом или в отдельной постройке для хранения припасов в холоде, подполье, погреб. [Балбаара:] Аны мин умуһахпар үүккүн уурума, уопсайдамматах умуһах

1 аат тыл #

Муоста анныгар дириҥник хаһан оҥоһуллубут ас уурар тымныы сир, боппуолдьа

Нууччалыы Помещение под полом или в отдельной постройке для хранения припасов в холоде, подполье, погреб. [Балбаара:] Аны мин умуһахпар үүккүн уурума, уопсайдамматах умуһах

  • [Өрүүнэ:] Мин умуһахтан эппин аҕала бардым.
    С. Ефремов
  • Чугастааҕы күөллэрэ сайан оҕонньор туутугар мунду бөҕө киирэр. Саабыс [мундуну] таһааран, ыһаарылаан, иһиккэ кутар, сөрүүн умуһахха сойута ууран иһэр.
    КФА СБ

2 аат тыл #

Сиргэ дьөлө хаһыллан тахсыбыт эбэтэр анаан хаһыллыбыт оҥхой, хаспах

Нууччалыы Вырытое или образовавшееся в земле углубление, яма

  • Биирдии чымыдааны туппут эр дьоннор, оҕону көтөхпүт дьахталлар дьиэлэриттэн сүүрэн тахсаннар, олбуор иһигэр хаһыллыбыт холлороон умуһахтарга киирдилэр.
    Амма Аччыгыйа
  • Арай – урут Сашка өйдөөн көөртө – иннилэригэр буомба түспүт умуһаҕа чөҥөрүйэ сытара.
    В. Яковлев
  • Үүнээйи олордуллубут иһитэ батар гына умуһах хаһан баран сибэккини иһиттэри, сири кытта тэҥ гына олордуллар. Дьиэ к

3 аат тыл #

Өлбүт киһини көмөр иин

Нууччалыы Яма для погребения умершего, могила

  • Улахан оҕонньор ыҥыырдьыта суох соҕотоҕун көмүллүбүт. Кини умуһаҕын түөрт симэхтээх таҥастаах аттары тыыннаахтыы көмпүттэрэ дииллэр
    Далан

«У» буукуба