Перевод с якутского
оҥкучах
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы погреб
English cellar, basement
1 аат тыл #
көр омуһах. Сайыҥҥытыгар типографияны ампаар оҥкучаҕын иһигэр көһөрөллөр. Н. Якутскай. Моркуобу лаппаакынан түөрэн хостонор. Отун быһан, быраҕан баран, аһын дьиэ оҥкучаҕар ууран, харайыллар. ФНС ОАҮүС
2 аат тыл #
Хаһыллыбыт сир, дьаама
Нууччалыы Яма, ямка. [Оҕус] дьиэ таһыгар олорор дьону, биһигини, көрөн, тиэргэҥҥэ кэлэн, оҕустар хаспыт оҥкучахтарыгар буору хаста
Өксүүнньэ били баҕайыны маһынан ылан, алдьаммыт бөх ыаҕаһыгар уган, дьиэ кэннинээҕи былыргы даҥ оҥкучаҕар таһааран бырахта
КүндэСаах сыбахтаах Саха туруору балаҕана Оҥкучах алаас үрдүгэр Унаар буруону субуйда. С. Васильев Дорообо, күн курдук төгүрүк, Төрөөбүт оҥкучах алааһым. Мин эмиэ бу бүгүн чэбдиктик Эн буоргар сынньанан күүс ыллым. Чэчир-80. Ср. эвенк. оҥкучах ‘овраг’, тув. оҥгар ‘яма’, кирг. чуҥкурчах ‘углубление’, бур. хонхосог ‘лунка’
3 даҕааһын #
суолт. Төгүрүччү туруору сыырдаах чоҥкучах (хол., алааһы этэргэ)
Нууччалыы Окружённый крутыми горками (напр., об аласе)