ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

дьуоҕа

аат тыл

Нууччалыы глубокое топкое болото

1 аат тыл #

Түгэҕэ биллибэт оборчо бадараан

Нууччалыы Глубокое топкое болото

  • Бэл диэтэр Белоруссия үйэ тухары дьуоҕа буолбут бадарааннарын куурдан хас эмэ сүүс тыһыынча гектар сирдэри холкуостар үрдүк быйаҥнаах сирдэринэн оҥордулар.
    Эрилик Эристиин
  • Барбыт эргийбэт, түспүт күөрэйбэт дириҥ дьуоҕалара, ооҕуй оҕус бадараанныыр оборчолоро, тиит мас ньимиччи түһэр дьэбэрэлэрэ манна бааллар эбит.
    И. Данилов
  • Биир үгүрүө саҥардыы бүгүллэҥнии көтөөрү гынан эрдэҕинэ Степан Аркадьич түҥнэри ытан кэбиспитэ дьуоҕаҕа чөмчөс гына түстэ. Л. Толстой (тылб.)
Өссө холобурдар (3)
  • Уу түгэҕинээҕи хара дьэбэрэ. Θ Вязкая грязь на дне водоема. Күөх далай саарыстыбатын дириҥ дьуоҕата быстыбат быйаҥнаах, бараммат баайдаах туспа киэҥ эйгэ буолар.
    И. Данилов
  • Дириҥ дьуоҕа түгэххэр Тимир хараап дьардьамата, Оппуоханан бүрүллэн, Урусхалланан сыттаҕа.
    С. Васильев
  • Дьон-сэргэ тумунна диир эрдэ – Уол оҕо охтуо да, туруоҕа, Куйуурдьут маҥкытын кэриэтэ Дьуоҕаттан бу күөрэс гыныаҕа
    ХС

2 аат тыл #

Туох эмэ (олох, уопсастыба, итэҕэл о. д. а.) саамай куһаҕан, инники сайдыыны харгыстыыр өттө

Нууччалыы Самая темная, негативная сторона чего-л. (общества, жизни, религии и т. п.), задерживающая развитие

  • Уопсастыба түүнүктээх дьуоҕаларыгар саас-үйэ тухары мунньуллубут кир-дьай, быртах-былаҕай көөнньөн-көймөстөн тахсыыта буоллаҕа фашист сидьиҥ майгыта-сигилитэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Дьэ ити курдук очурга оҕустардар оҕустаран, Кууһума олох дьуоҕатыгар түстэр түһэн иһэр. Эрчимэн. Данко дьону өлүү дьуоҕатыттан таһаараары сүрэҕин уһулу тардан ылбыта
    А. Федоров

«ДЬ» буукуба