ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

дьэбэрэ

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы жидкое, глубокое и широкое вязкое болото, топь

Ис хоһооно · 5

1 аат тыл #

Уулаах, оборчо бадараан

Нууччалыы Жидкое, глубокое и широкое вязкое болото, топь

  • Бу аартыгы солууругар нуучча норуота -- ооҕуй оҕус батыллар дьэбэрэтин килэгир тимир муостанан муосталаабыта.
    Суорун Омоллоон
  • – Па, нохоо, дьэбэрэ уута буолбат дуо? – Эмиэ барыыс! Бэлэм барбыт чэй
    Амма Аччыгыйа
  • Уу уолбутуттан тахсыбыт бадараан; уу (күөл, үрэх) оборчо бадарааннаах түгэҕэ; ньоҕох, былыык. Θ Появляющаяся на месте высохшего озера подводная вязкая грязь. Таалай күөлэ сайын сүрдээх куһаҕан сыттаах дьэбэрэ буолар. ИОВ ЯК. Муҥхалара --¬ ааттаах үчүгэй сырыылаах. Кини хаһан да ньамаҕы, дьэбэрэни эрэ уобан, кубус-кураанах тахсан хомоппутун өйдөөбөттөр
    И. Гоголев
Өссө холобурдар (2)
  • Төрүкүтүн бырыы, дьэбэрэ Тыабыт иһэ иэдэйдэ. Халтархайа, силбирэҥэ, Инчэҕэйэ сүрдэннэ.
    М. Ефимов
  • Ньүүйэ суолун сүүрбэ көстөөх улуу бадарааныгар тиийэн кэлбиппит. Киһи-сүөһү тимирэн хаалыах курдук дьэбэрэ сирдэр бардар бараммакка дылылара. Б. Лунин (тылб.)

2 аат тыл #

Ыар, хараҥа, сидьиҥ олох; олох хараҥа, хаалынньаҥ өттө

Нууччалыы Темная, тяжелая, угнетающая человека жизнь; трясина, дно жизни

  • А. И. Софронов "Олох дьэбэрэтэ" диэн драмаҕа, П. А. Ойуунускай "Дьэбэрэттэн тахсыы" диэн сэһэҥҥэ саха урукку ыар олоҕун ойуулууллар.
  • Маайа барахсан туох да буруйа суох олох дьэбэрэтигэр тэпсилиннэ
    А. Софронов
  • Бу аан дойду дьэбэрэ олоҕуттан араардым.
    А. Софронов
Өссө холобурдар (1)
  • Солко -- балаҕанын кытта бииргэ хотонноох, улахан дьэбэрэ олохтоох ыал
    А. Федоров

3 аат тыл #

Киһи майгытын хаалынньаҥ, кэр-дьэбэр өттө, адьыната, кэмэлдьитэ; оннук майгылаах киһи

Нууччалыы Безнравственные, дурные привычки, повадки; человек с такими повадками

  • Охсуулаах, түрбүөннээх күннэргэ дьэ итинник кыһыл көмүс курдук кылбайан тахсар ыраас, сырдык дууһалаах үтүөкэн дьоннору кытта тэҥҥэ олох дьэбэрэтэ эмиэ ханнык эрэ кута хараҕыттан эмискэччи өрө көбөн тахсааччы.
    С. Тарасов
  • Бара тур! -- бу Балыксыт оҕонньор мас бабаарынатын дьиикэй дьэбэрэҕинэн тунуйума
    П. Ойуунускай

4 даҕааһын #

Уулаах оборчо бадарааннаах

Нууччалыы С почвой, похожей на трясину, болотистый

5 аат тыл #

Чанчарык; куһаҕан, ыар, киһини баттыыр, сүөргү, барбах (олох)

Нууччалыы Неприглядный, тяжелый; дикий, темный (о жизни). [Уйбаан:] Эһиги хараххытын аалбыт -- Маайаны суох гынным!

«ДЬ» буукуба