Перевод с якутского
уобул
аат тыл
Нууччалыы выемка, сделанная топором на древесине, зарубка, предназначенная для плотного прилегания углов какого-л. строения. [Дьиэ] муннуктара – уобулга түһэртэрии
1 аат тыл #
Дьиэ тутуутугар маһы маска муннуктуу ыпсараары сүгэнэн оҥо хаһыы
Нууччалыы Выемка, сделанная топором на древесине, зарубка, предназначенная для плотного прилегания углов какого-л. строения. [Дьиэ] муннуктара – уобулга түһэртэрии
Саха сэһ. II. Парник бөҕө буоллун диэн уһаты иини сыттык мастар уобулларыгар түһэриллэр. КММ ОК. Кини атын баайда уонна, балаҕан эмэҕирбит, тохто сылдьар уобулуттан тардыһан, -- үөһэ ытынна. А. Фадеев (тылб.)
2 этии #
Нууччалыы Имеющий специальную выемку для укладки углов рубленых домов
Этиилэр
Моойторук уобуллаах
туох эмэ тутуу муннуктарын ыпсарарга анаан моойдуу оҥо хаһан оҥоһуллубут олуктаах Бу дьиэ муннуктара ампаардыы моойторук уобуллаахтара.
Саха сэһ. 197 7. Улуус управата моойторук уобуллаах, ортотунан салҕааһыннаах ампаар дьиэҕэ баара. “Чолбон”. Баай ыал тэлгэһэтэ. Моойторук уобуллаах дьиэ муннуга көстөр. Н. Туобулаахап
Уобул муннук
туох эмэ тутуу оҥо хаһан оҥоһуллубут олуктарга ыпсарыллан ууруллубут муннуга.
Угол рубленых строений, который выполняется посредством укладки брёвен в специальные выемки.
[Баай ыаллар] алаас саамай көстүүлээх кырдалыгар уобул муннуктаах нуучча дьиэлээх буолаллар. “Саха с. ”. Уобул муннуктаах ампаар дьиэни, маска маһы салгыыр албаһы эмиэ билбэттэрэ. Б. Лунин (тылб.)