ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

моойторук

аат тыл

Нууччалыы меховой ошейник

Ис хоһооно · 4

1 аат тыл #

Кыһын тымныыга моойго кэтэр түүлээх таҥас

Нууччалыы Меховой ошейник (шарф)

  • Сыарҕаҕа олорор киһи умса туттан сирэйин саарба моойторугар кистии-кистии, муоһаны былдьаста. Софр. Данилов. Дэһээтинньик -- түүтэ дэлби элэйэн нэктэл буолан эрэр моойторугун дуомун уһула сатыы турар.
    Күннүк Уурастыырап
  • Лөгөнтөй эргэ тииҥ саҕалаах, нэк кылгас сонун синньигэс таҥас курунан түүрэ тардынна, -- элэйэн хаалбыт тииҥ кутуруга моойторугун моонньугар иккитэ эринэ тардынна уонна таһырдьа диэки сыбдыс гынан хаалла
    П. Филиппов

2 аат тыл #

Ыт, атын да кыыл моонньун эргийэ үрүҥэ

Нууччалыы Белая полоса вокруг шеи (собаки и др. зверей)

  • Моойторуктаах эһэ.
  • Моойторуктаах хара ыты -- дьиэлээхтэр бары таптыыллар.
    Амма Аччыгыйа
  • Ала-тала хаардаах сыгынахтар, үрүҥ моойторуктаах, үрүҥ түөстээх эһэ курдук, сымарыһа сыталлар.
    Л. Попов
Өссө холобурдар (1)
  • Кылгас модьу моонньун курдаабыт үрүҥ моойторуга Мохсоҕолу [ыты] -- ордук -- киэркэтэр
    Н. Заболоцкай

3 аат тыл #

Ыт моонньугар кэтэрдиллэр тирии быа

Нууччалыы Кожаный ошейник для собаки

  • Тэппэй тиийэн Бөтөһүн моонньугар моойторугун кэтэттэ
    ХС

4 аат тыл #

Ампаар дьиэ муннуктарын ыпсарарга анаан моойдуу оҥо хаһан оҥоһуллубут олук

Нууччалыы Специальная выемка для укладки углов рубленых домов

  • Бу дьиэ анарааҥҥыттан атына - аттыгар эргэ баҕайы моойторук ампаардааҕа. Софр. Данилов. Хайа халдьаайыга суоҕуй Моойторук муннуктаах ампаардаах Былыргы киһи уҥуоҕа.
    Баал Хабырыыс
  • Кини кыстыыр сиригэр моойторук уобалаах кыракый дьиэлээх этэ. АаНА СТА
    Т. Ср
  • уйг. бойунтурук ‘ярмо для животных’, тув. моюндуруй ‘ворот (одежды), воротник’, моюндурук ‘шиворот’, кирг. моюнтурук ‘ярмо, хомут’

«М» буукуба