ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сыҥаһа

аат тыл

Нууччалыы в якутской юрте: возвышенная закраина нар, сделанная из более массивных брёвен, тянущихся от столба к столбу

1 аат тыл #

Саха балаҕаныгар орон сиһин кытыы модьу маһа (баҕанаттан баҕанаҕа кырыытынан саайыллар)

Нууччалыы В якутской юрте: возвышенная закраина нар, сделанная из более массивных брёвен, тянущихся от столба к столбу

  • Дыбдык оҕонньор -- соһуйан, сыҥаһаттан эгдэйэн иһэн "лах" гына олордо.
    И. Гоголев
  • Икки балыстаахпыттан улахана аҥаар илиитигэр лэппиэскэ тутуурдаах сыҥаһаны кэрийэ сылдьар эбит
    Н. Заболоцкай

2 аат тыл #

Хайа, кытыл туруору түһүүлээх кытыыта, бараныыта

Нууччалыы Уступы в виде ступенек (напр., на склоне горы)

  • Сыҥаһа сыыр. Сыҥаһа хайа.
  • "Онтон маны хайдах дабайабыт?" – аллараттан көрүүгэ, билиитэ оһоххо маарынныыр сыҥаһаҕа тиийээт, Мэхээчээн чаҕыйан аргыһын тохтотто.
    В. Протодьяконов
  • Сыыр сыҥаһатыгар турар дьиэ кыараҕас тиэргэнин аҕыйахта үктээн туораата уонна күүлэ аанын аһа баттаата
    С. Дадаскинов

3 этии #

Этиилэр

Сыҥаһа орон көр орон

  • Ньукуу атыыһыт -- сүүскэ бэрдэрбиттии, сыҥаһа ороҥҥо лах гына олордо.
    И. Гоголев
  • Сыҥаһа орон Суоруна таастыын Былыыр үйэҕэ Быдаҥҥа көттө.
    ЭК
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. ДТС йан ‘сторона, бок; бедро’

«С» буукуба