Перевод с якутского
кэрдиис
аат тыл
Нууччалыы зарубка, насечка, засечка на чем-л
Ис хоһооно · 5
1 аат тыл #
Туох эмэ туора олуктуу кэрдиллибитэ, быһыллыбыта
Нууччалыы Зарубка, насечка, засечка на чем-л
Микиитэ кистээн, үгэһинэн, отут кэрдиистээх маһы оҥостон кэбиспитэ. Амма Аччыгыйа "Үһүс кэрдиис... сэттэ кэрдиис кэрдиис аҥаара, оруобуна бэһис кэрдиис!" - уол саҥата чаҕылла түһэр (былыргы баай аһы - тары, хайаҕы - кэрдиистээх маһынан төһөтүн кэмниир) Н. Заболоцкай
2 аат тыл #
Туох эмэ (хол., хайа) төхтүр-төхтүр, олуктана быһыыламмыта
Нууччалыы Ступеньки, ступенчатый вид чего-л
Олох кирилиэс кэрдииһин курдук. Амма Аччыгыйа Кэрдиис, быллаар халдьаайылар, сирэм күөхтээх толоон иэнэ, Сибэккинэн тэтэрэллэр. Күннүк Уурастыырап Бурхалей -- тыыны долгун кэрдииһин туора тардыалаан, үрдүк быллараат үрдүлэригэр бырахтартаата Эрилик Эристиин
3 аат тыл #
Туруору быһан, оҥон оҥоһуллубут ойуулар кэккэлэрэ (саха оһуорун көрүҥэ)
Нууччалыы Украшение из сочетания вертикальных геометрических рисунков, вырезаемых в основном на дереве, металле (вид якутского национального орнамента)
Кэрдиис ойуулаах кэриэн ымыйаларга Араҕас арыыны кутан Уһун туску диэн Уура охсон кэбистэ.
П. ОйуунускайКэрдиис ойуулаах кэнники сэргэҕэ кэрэ биэбит кэскилин тэрийиэҕиҥ! С. Васильев
4 аат тыл #
Туох эмэ сайдыытын туспа олуга, олук кэмэ, сүһүөхтэрэ
Нууччалыы Отдельный момент, этап развития кого-чего-л., ступень
Эдэр сааһым үтүөтэ, Олоҕум кэрэ кэрдииһэ - Мин хомсомуол сылларым, Күлүм-чаҕыл күннэрим. Н. Харлампьева [Дьокуускай] сүдү мөссүөнүгэр аан дойду култууратын сайдыытын бары кэрдиис кэмнэрэ көстөргө дылылар. Кини [Яков] олоҕун биир суол кэрдииһигэр түмүк оҥоһунна, кириэс туруорда. Н. Заболоцкай Ср. тат. киртек 'зарубка, засечка'
5 этии #
Таҥалай кэрдиис - таҥалай ойуутун курдук саха оһуорун көрүҥэ Хабарҕа кэрдиис - курдуулуу соҕус туора кэрчиктии барар ойуулаах саха оһуорун көрүҥэ. Вид якутского орнамента в виде выпуклых, слегка округлых вертикальных узоров
Нууччалыы Вид якутского орнамента в виде "елочки"