Перевод с якутского
хойгуо
аат тыл
Нууччалыы кирка, кайло
1 аат тыл #
Мас уктаах, аҥаар эбэтэр икки өттүнэн уһуктаах төбөлөөх буору хаһарга аналлаах тимир сэп
Нууччалыы Кирка, кайло
Хойгуолаах хойгуонан, баҕыырдаах баҕыырынан ыскылаат маһын үрэйэн, киэр ыһаллар. Н. Якутскай Киһи хойгуотун кыыратан баран, умуһаҕыттан ыстанан таҕыста. Н. Заболоцкай Кеша алдьаммыт үтүлүктээх илиитэ хойгуо угар хаарыйтардар да, күүһүн муҥунан табыйара. Н. Абыйчанин
Өссө холобурдар (1)
Хойгуонан сырбаттах ахсын бытарыйа ыһыллар муус кыырпахтара фара уотугар араастаан кылабачыһаллара. Тулхадыйбат д
2 аат тыл #
, эргэр. Барар-кэлэр сиргэ суолга үүнэн турар маска суора охсон оҥоһуллар бэлиэ
Нууччалыы Зарубка, метка на дереве, указывающая дорогу
Тус илин туһааннаах суолум Буолуох тустаах диэн, Тоҕус толуу хатыҥҥа Тоҕус саламаны баайтарбыт, Тоҕус хойгуону оҕустарбыт. С. Зверев Былыргы тыаһыттар, булчуттар сөбүлээбит сирдэрин бары: "Бу биһиэнэ", – диэн маска хойгуо охсон, быыс туруоран кээһэллэр. Саха сэһ. II