ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

дьүөкэт

аат тыл

Нууччалыы деготь.

I

1 аат тыл #

Маһы, торфаны, таас чоҕу бүтэйдии күҥкүтэн ылыллар харатыҥы дьүһүннээх, сыттаах сымала курдук убаҕас (үксүн тэлиэгэ көлүөһэтин аалсар сирин оҕунуохтуурга туттуллар)

Нууччалыы Деготь. Кини [хатыҥ] силиһин, мутугун уонна туоһун бүтэйдии күҥкүтэн буһаран, уксуснай кислотаны итиэннэ дьүөкэти эмиэ ылаллар. Суорун Омоллоон. Куһаҕан син биир дьүөкэт кэриэтэ. Дьүөкэт сыстыбыт сиригэр, төһө да сууйбутуҥ иһин, бээтинэ хайаан да хаалааччы. Софр. Данилов. Бэс дьүөкэтин быттыйыыны, кыһыылаах ымынаҕы, тирии араас ыарыыларын эмтииргэ олус биһирээн тутталлар. МАА ССКОЭИи

II

2 аат тыл #

, эргэр. Суол ханан барарын көрдөрөр бэлиэ, эркээйи

Нууччалыы Дорожный знак, (палка), определяющий направление. Үөһээттэн-алларааттан Үс дьүөкэттээх Сүҥкэн айан суола Түмүллэн түһэн барар Үрэҕэ буолан биэрдэ

  • [Оҕо:] "Ийээ, аҕабыт баһа манна дьүөкэт буолан турдун, сөп дуо?" – диир да биир титириги хастаан баран, аҕатын баһын ыйаан кэбиһэр. Саха ост. Тэҥн. дьуолка I
III

3 аат тыл #

, эргэр., фольк. Куһаҕан тыын, абааһы

Нууччалыы Злой дух, черт

  • "Соҕуруу халлаан илэ илиэһэйэ, көстүбэт дьүөкэтэ уот холорук олбохтонон түһэн, үгэххитигэр сөрүөстэн, икки имэҥнээх хараҕын уоттара – оҕоҕут нохтолоох тойон болуо сүрэҕин быатыттан харбаабыттар", – диэн [ойуун] көрүү көрүүлэннэ.
    П. Ойуунускай
  • [Кырасыабай кыыһы] Ыксаласпыт эрэ киһи Быттах санааттан быралыйан Ыраас санааны ылынар, Дьүһүнүн эрэ көрбүт киһи Дьүөкэт үөрэҕиттэн төлөрүйэн Дьүүллээх өйүн түмүнэр.
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • "Сүр кутун сүүдүтэн, Ийэ кутун эрчитэн туран, Сараһыҥҥа киллэриҥ, Дьүөкэккэ холбооҥ, Абааһыга уһуйа охсуҥ эрэ Бэрт түргэнник -- Уруу-тарыы хойутаата!" – диэтэ [абааһы уола]
    Ньургун Боотур

«ДЬ» буукуба