ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

суолта

аат тыл

Нууччалыы важность; смысл; значение

English importance, meaning, significance

Ис хоһооно · 4

1 аат тыл #

Нууччалыы важность; смысл; значение

English importance, meaning, significance

  • космос куйаарын үөрэтии суолтата
    важность изучения космосаthe importance of studying outer space
  • суолтатыгар эрэ
    ради него самогоfor its own sake

2 аат тыл #

Туох эмэ ис хоһооно, туох өйдөбүллээҕэ

Нууччалыы Смысл, значение

  • Суолтатын толкуйдаабакка Субурҕа тылынан суруйар сууххай.
    А. Софронов
  • Кини боппуруос ис политическай суолтатын кыайан өйдөппөтө.
    Эрилик Эристиин
  • Байыкка ол кэмчи, быыкаа сонньуйуу суолтатын өйдөөтө
    Н. Заболоцкай

3 аат тыл #

Туох эмэ туохха наадалааҕа, туох туһалааҕа

Нууччалыы Важность, значимость

  • Үтүө суол диэн суолтата улахан буолар.
    Н. Неустроев
  • Усулуобуйа! Олус да прозаическай боппуруос эрээри, дьиҥ суолтата улаханын. Хаһан бэйэм туспа үлэлиир хостоох буолабын?
    Н. Лугинов
  • Тыа хаһаайыстыбатыгар мэхэнисээтэрдэр үлэлэрэ улахан суолтаны ылар
    ТХЭ

4 этии #

Нууччалыы Для приличия, для виду

Этиилэр

Суолтатыгар (эрэ)

дьиҥнээҕинэн буолбатах, сиэри эрэ тутуһан эбэтэр тас эрэ көстүүтүнэн "Суолтатыгар да буоллар чаанньыккытын сылытыҥ, баҕар, биир эмэ чааскы чэйи иһээрэй?" – диэтэ Даарыйа эмээхсин.

  • "Туох иһин, Игорь Иванович!" – Айдар өйдөөтөр даҕаны, суолтатыгар ыйыппыта буолла.
    Н. Лугинов
  • Суолтатыгар эрэ этиллибит түмүк тыл кэнниттэн хас биирдии пуунугар киччэриһэн тохтоон туран, халыҥ соҕус уураах ылыннылар. В. Яковлев

«С» буукуба