ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

толоруу

аат тыл, аат

Нууччалыы дополнение

1 аат #

тыл үөр. Төрүт түһүктэн ураты ойоҕос түһүктэр ыйытыыларыгар хоруйдуур уонна предмети бэлиэтиир этии ойоҕос чилиэнэ

Нууччалыы Дополнение

  • толор диэнтэн хай. аата. Баартыйа дьаһалын толорууга Бастаан, бассабыыктаан айаҕаланнылар.
    С. Васильев
  • Ити сорудаҕы толоруу кэккэ ыарахаттардаах этэ.
    И. Сосин
  • Үчүгэйдик суруллубут ырыа Анна Ивановна толоруутугар ордук тупсан, киэркэйэн иһиллэрэ. САа
Өссө холобурдар (1)
  • Туһааны биир, кэпсиирэни икки, толорууну быстаҕас сурааһыннарынан бэлиэтээҥ
    ПНЕ СТ-

2 аат #

Туттуу түһүккэ турар толоруу хайааһыны оҥорорго туттуллар. ЧМА СТСАКҮө

3 этии #

Көнө толоруу тыл үөр. – төрүт, араарыы, таһаарыы, туохтуу түһүктэргэ турар уонна хайанар предмети бэлиэтиир толоруу Саха тылыгар көнө толоруу хас да түһүгүнэн бэриллиэн сөптөөҕүн О. Н. Бётлингк, Е. И. Убрятова, М. А. Черосов дакаастаан тураллар. СЛСПҮө.

Нууччалыы Прямое дополнение

Этиилэр

Көҥүл хамсаныылар (толоруулар) көр көҥүл

  • Художественнай гимнастика биир уустук көрүҥүнэн көҥүл толоруулар буолаллар.

Ойоҕос толоруу көр ойоҕос

  • Толоруу көнө уонна ойоҕос толорууларга арахсар. ЧМА СТСАКҮө

«Т» буукуба