ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тэнтик-мунтук

даҕааһын, сыһыат

Нууччалыы не зная точного направления, блуждая, невпопад

1 сыһыат #

Барар хайысхаҕын чуолкай билбэккэ, сыыһа-халты, туора-маары

Нууччалыы Не зная точного направления, блуждая, невпопад

  • Тураахтар, дааҕырҕаһа-дааҕырҕаһа, тэнтик-мунтук, тэлиэс-былаас көттүлэр.
    Суорун Омоллоон
  • [Маня] уот иннигэр тэнтик-мунтук үктээн кэлэн, олоппоһугар ыараханнык олордо.
    А. Фёдоров
  • Тэнтик-мунтук айаннаан, наадалаах сирбитин үлэ чааһа саҕаланыа быдан иннинэ бадахтаах буллубут
    ХС

2 даҕааһын #

суолт. Чуолкайа, эрэлэ суох, саарбах

Нууччалыы Вызывающий сомнение, подозрение, сомнительный, ненадёжный. [Ньукулай – Уйбааҥҥа:] Эмиэ Миитэрэй курдук, тэнтик-мунтук баҕадьы буолууһуккун

  • Мин түннүк модьоҕотугар бүк түһэн лааппыга олордум, ханнык эрэ тэнтик-мунтук санааҕа ыллардым. А. Гайдар (тылб.)

3 этии #

Нууччалыы Не иметь постоянного места жительства, скитаться

Этиилэр

Тэнтик-мунтук сырыт

барар-кэлэр сирэ суох буол, ускул-тэскил сырыт Сорохтор оннук тэнтик-мунтук сылдьан, арааһынайга түбэһээччилэр.

  • Куоракка аҕыйах хонукка ыалы кэрийэн, тэнтик-мунтук сылдьымахтаан баран, син олохпутун булунан бардыбыт.
    М. Ефимов
  • Ср. ДТС телтүк ‘глупец’, узб. тантик ‘изнеженный, полоумный’, уйг. тенимек ‘блуждать, плутать’, каракалп. тентик ‘балбес’

«Т» буукуба