ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тэҥнээх

даҕааһын, аат тыл

Нууччалыы одинаковый, сходный по чему-л., равный, равнозначный, равноценный

Ис хоһооно · 5

1 даҕааһын #

Туох да уратыта суох, тугу эмэ кытта биир тэҥ, биир суолталаах

Нууччалыы Одинаковый, сходный по чему-л., равный, равнозначный, равноценный

  • Ардыгар Галибаров биир иһит арыгынан күндүлээбитигэр дьааһыгынан арыгы турар сыанатыгар тэҥнээх түүлээҕи бэлэхтэтэрэ.
    Н. Якутскай
  • Туох тэҥнээх буолуоҕай Мутукчам итирдэр сытыгар.
    С. Данилов
  • Чааска тэҥнээх мүнүүтэлэр ааһаллар
    Н. Габышев
Өссө холобурдар (1)
  • Тэҥнээххэр киирдэххинэ, тэллэх ыта буолуоҥ (өс хоһ.). Тэҥнээхтэрбин атах оонньуутугар кыайталыырым. КНЗ ОО. Миша бэйэтин тэҥнээхтэриниин үөрэ-көтө үөрэнэн, сыллата кылаастарын бүтэрэн испитэ. “
    Кыым

2 даҕааһын #

Кимиэхэ эмэ тугунан эмэ сөп түбэһэр (киһи туһунан)

Нууччалыы Равный другому в чём-л., являющийся ровней кому-л. (о человеке)

  • Арамаан бэйэтигэр тэҥнээх биэлсэр кыыһы ылбыт.
    С. Ефремов
  • Оҕонньор -- сиэнин кытары тэҥнээх киһитинии кэпсэтэрэ.
    С. Никифоров
  • Чугас эргин киниэхэ тэҥнээх хайыһардьыт киһи үөскээбэтэҕэ
    ХС
Өссө холобурдар (3)
  • Тэҥнээх көстүбэккэ соҕотоҕун тэлэкэчийбит киһи.
    Амма Аччыгыйа
  • Эр киһи тэҥнээҕэр түбэһэн Эйэҕэс сүрэҕэ аймаммыт, -- Сирэйэ тапталлаах имнэммит.
    И. Чаҕылҕан
  • Тоҕус улуус уолугар Холооннооҕун булбатах, -- Сэттэ улуус киһитигэр Тэҥнээҕин билбэтэх
    С. Зверев

3 аат тыл #

Кимиэхэ, туохха эмэ тугунан эмэ (хол., сааһынан, күүһүнэн-уоҕунан, өйүнэн-санаатынан, балаһыанньатынан) тэҥ буолар ким, туох эмэ

Нууччалыы Человек, равный другому по какому-л. признаку (по возрасту – сверстник, по положению – ровня и т. д.)

4 аат тыл #

Олоҕуҥ аргыһа буолар киһи, кэргэн

Нууччалыы Спутник, спутница жизни

5 этии #

Тэҥнээххин булума көр бул. [Мартыын] күүстээх үлэҕэ тэҥнээҕин булбат. И. Гоголев. Саша дойдутугар -- тэҥнээҕин булбатах буолан, бэйэтин сир орто баайыы тустуугунан сананар этэ. Е. Неймохов

  • Тэҥнээх доҕор – тэҥнээх 2 2 диэн курдук. Сыламнаан киирэр сылаастаах, Утутан барар угуттаах Тэллэххэ сытар Мин тэҥнээх доҕорум Мичээрдээбитинэн көрүстэ.
    С. Зверев
  • [Туймаада:] Мин тэҥнээх доҕорум Чулуу боотураат буолуон баҕарарым.
    И. Гоголев
  • [Хаартыһыт] дьиэтигэр буоллаҕына, таптыыр оҕолоро, тэҥнээх доҕоро – ойоҕо муҥу көрөн олорон хаалар буолаахтаатахтара. Эрилик Эристиин

«Т» буукуба