Перевод с якутского
быһаарыы
аат тыл, аат
Нууччалыы объяснительная записка
English explanation, description
1 этии #
Быһаарыы сурук аат. - ирдэнэр халыыбынан ханнык эрэ дьыала, иһитиннэрии ис хоһоонун кылгастык суруйуу Арбатскай киниэхэ ханнык да быһаарыы суруга суох араас уустук задачалары, математическай тэҥнэбиллэри илдьэн биэрэрэ. В. Яковлев
Нууччалыы Объяснительная записка
быһаар диэнтэн хай. аата. Ордук таптаан мин ааптар [А. Е. Кулаковскай] сүүһүнэн ахсааннаах хос быһаарыыларын ааҕарым. Бу быһаарыылар - бэйэлэрэ научнай суолталаах улахан үлэлэр.
Суорун ОмоллоонПредметтэр истэригэр араас процесстар уопсай сокуоннарын үөрэтии, аан дойду, олох быһыыта тугунан биирин быһаарыы философия соруга буолар. ДИМ. Научнай үлэһиттэр үлэлэрин-хамнастарын норуот хаһаайыстыбатын сайыннарыы ордук наадалаах боппуруостарын быһаарыыга түмэргэ. “Кыым”
2 аат тыл #
, тыл үөр. Ханнык? хас? хаһан? о. д. а. ыйытыыларга хоруйдуур этии ойоҕос чилиэнэ
Нууччалыы Определение
Быһаарыы саха норуотун тылынан уус-уран айымньытыгар олус баайдык, киэҥник туттуллар. СТС. Нуучча тылыттан киирбит даҕааһыннар быһаарыы буолаллар, саха билиҥҥи тылыгар үгүстүк туттуллаллар. СТС. Биир уустаах туһааннар, кэпсиирэлэр, быһаарыылар, толоруулар, сиһилиилэр баар буолаллар. ПНЕ СТ IV