Перевод с якутского
сүтэр
туохтуур
Нууччалыы терять
English to lose
Ис хоһооно · 9
1 туохтуур #
Нууччалыы терять
English to lose (something or someone)
коллектив итэҕэлин сүтэр потерять доверие коллективаto lose the team's trust өйгүн сүтэр потерять сознаниеto lose consciousness
2 туохтуур #
Тугу эмэ бэйэҥ дьалаҕайгыттан ханна эмэ хаалларан, умнан, түһэрэн кэбис
Нууччалыы Лишаться чего-л. по небрежности, оставляя неизвестно где, терять что-л. [Балта] аҥаар түүппүлэтин сүтэрбит
Маайа, кыбына сылдьар чомпой бэргэһэтин сүтэрбитин билэн, бэйэтин тула өттүн көрүннэ. Эрилик Эристиин Бу күһүн ити оҕо бэртээхэй кирис өтүүнү сүтэрбитэ. Амма Аччыгыйа "Бэргэһэҕин сүтэрбиккин дуу хайаатыҥ?" – диир ийэм Н. Түгүнүүрэп
3 туохтуур #
Тугу эмэ көрдөөн баран кыайан булума
Нууччалыы Искать, но не находить, терять из виду кого-что-л
Кирилэ икки ынаҕын сүтэрбитэ бүгүн үһүс күнэ. Н. Заболоцкай Аны аэродромун сүтэрэн, муора туманыгар булкулла сырыттаҕа дуу? Н. Якутскай
4 туохтуур #
Кими, тугу эмэ кэлиэ диэн олус долгуйан кэтэс, суохтаа (кэлиэхтээх, баар буолуохтаах кэмигэр кэлбэтэҕиттэн)
Нууччалыы Находиться в состоянии тревожного ожидания кого-чего-л
Эйигин, бэҕэһээ тиийиэх буолбут киһини, дьонуҥ сүтэрэн олороллор. Даайыспытын сүтэрдибит, эн биллиҥ дуо? А. Софронов Ийэм миигин сүтэрэн кэбиспит. Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (1)
Өксүүнньүйэ бүгүн кыыһын сүтэрэн кэбистэ Н. Заболоцкай
5 туохтуур #
Туох да туһата, көдьүүһэ суох күнү-дьылы бараа, бириэмэни ыыт
Нууччалыы Зря, без пользы тратить время, проводить дни, попусту терять время
Кэлэ-бара икки күнү таах сүтэриэхпит. Амма Аччыгыйа Кырдьык, тэрээһин кэмигэр элбэх бириэмэни сүтэрбэккэ, саҥа тэрилтэ улгумнук үлэҕэ туруммута. В. Яковлев Мин харахпын сэмэлээн Одуулууллар уун-утары Улдьааран, сүрэҕэлдьээн Сүтэрбит хонуктарым И. Гоголев
6 туохтуур #
Төһө эрэ баарыттан аҕыйат, итэҕэстэт (хол., сүөһүнү)
Нууччалыы Допустить по недосмотру потерю, пропажу (напр., скота)
Сылгыһыттар быйылгы кыстыкка биэс биэни сүтэрдилэр. Бостуук уол икки ынаҕы сүтэрбит. Хас биирдии сүөһүлэрэ сууккаҕа ортотунан аҕыс сүүс биэс уон грамм эбиллибит, биир да сүөһүнү сүтэрбэтэхтэр ПДН ТБКЭ
7 туохтуур #
харыс. т. Кимэ эмэ суох хаал, кимтэн эмэ мат (үксүн чугас, хаан уруу киһи туһунан)
Нууччалыы Лишиться, потерять кого-л. (обычно о близком, родном человеке)
Белов луохтуур таптыыр кэргэттэрин сүтэрбит ыар аһыытын хорсуннук тулуйар. Софр. Данилов. Соҕотох уолчааммытын Сүтэрбиппит күн анныгар, Наадыйбаппын букатын Ким даҕаны аһыытыгар. И. Гоголев Эйигин, манна төрөтөн, киһи-хара оҥордум, эн аҕаҥ бокуонньугу бу дьиэҕэ сүтэрбитим С. Ефремов
8 этии #
Нууччалыы Истребить поголовно, не оставить никого в живых
Этиилэр
Имнэри сүтэр
кими эмэ баар буола сылдьыбыт бэлиэтэ биллибэт гына суох оҥор, эс, өлөр Бу үөннэри [фашистары] тыыннарын бысталаатахха, имнэри сүтэрдэххэ эрэ табыллар.
Бөрө Бөтүҥ бөтөстөрө, -- туора тотон, кэдэрги байан, атаҕастабыллаах буола оонньообуккутун, өҥҥүтүн өҥнөөн, суолгутун солоон, күллэри көтүтүөхпүт, имнэри сүтэриэхпит. Эрилик Эристиин
Киһи бодоҕун сүтэр
киһилии майгыгын-сигилигин сүтэр, олус куһаҕаннык быһыылан.
Потерять человеческий облик.
Бу киһи бодотун сүтэриэр диэри итирбит хайалара буоллаҕай? СЛ- 8.
Күнтэн сүтэр
өлөр, суох оҥор.
Убить, лишить жизни, прикончить.
"Дьэ эрэ, өлүөххүтүн баҕарбат буоллаххытына, бэйэҕит сүтүккүтүн биһигиттэн эрдэ булан ылыҥ! Ону буолбат буоллаххытына сибилигин үрүҥ күнтэн сүтэрэбит", – диэн Маһарах эттэ. Эрилик Эристиин Аны эмиэ таас табан, күнтэн сүтэриэ диэн куттана олордум. Т. Сметанин
Өссө холобурдар (1)
Миигин көмөн, күнтэн сүтэрэн, сүрэхпин көҥү тардан, хомуньууска ойох бараҕын, холкуоска киирэҕин үһү буолбат дуо? ХС
Өйүн сүтэрэр көр өй
Киһитэ түөһүнэн улаханнык бааһыран өйүн сүтэрбит. Эрилик Эристиин Буулдьа санныбар түспүтүгэр, тута өйбүн сүтэрбитим, охтубутум. Н. Габышев
Өссө холобурдар (1)
Ньургуһун хамсыыр да, саҥарар да кыаҕа суох, сонно өйүн сүтэрбитэ. Дьүөгэ Ааныстыырап.
Суобаскын сүтэр
киһилии сиэргин-майгыгын сүтэр, куһаҕаннык быһыылан.
соотв. потерять совесть.
"Тима, эн доҕоруҥ суобаһын сүтэрбит", – диэтэ Сүөкүччэ Уйбаанньаны хомнообуттуу. А. Сыромятникова
Төбөҕүн сүтэр
кимиэхэ эмэ олус ылларан, ол эрэ кыһалҕатыгар сырыт, атыны барытын умнан кэбис (хол., тапталтан).
соотв. потерять голову (напр., от любви).
Бэйэ төрөппүт оҕотун иитэрэ өссө уустук. Оҕоҕо сүрэхпитин биэрэн, төбөбүтүн сүтэрэбит, ол түмүгэ – ити. П. Аввакумов Уйбаанчык саҥа учуутал кыыска ылларан, төбөтүн олох сүтэрэн сылдьар сурахтааҕа. ХС
Өссө холобурдар (2)
// Тугунан эмэ олус үлүһүйэн, онон эрэ олорор курдук буол, атыны билинимэ (хол., булдунан). Отдаться со страстью всецело чему-л. одному (напр., охоте). Бу киһи булду сырсыыга буолан адьас төбөтүн сүтэрэн сылдьар. И. Мигалкин Үпкэ-аска үлүһүйэҥҥин, төбөҕүн сүтэрээйэҕин, сэрэн. ХС
Чиэскин сүтэр
1) туох эмэ куһаҕаны оҥорон киһи быһыытынан ытыктаммат буол, киһилии сиэргин сүтэр.
соотв. уронить, потерять честь.
Ол хаалан да диэн, хаалбыт да киһи бүтүн үйэтин тухары аатын, чиэһин сүтэрэр. МНН. Оттон билигин, сэрии буолаары гынан эрдэҕинэ, аҕа дойдубар тапталбыттан бэйэм дьолбун ордорорум эбитэ буоллар, бэйэбэр даҕаны чиэспин сүтэрбит курдук сананыам этэ. Л. Толстой (тылб.); 2) эр киһини кытта эрдэ сылдьыһан ааккын ыыт, түһэр (кыыс туһунан). Потерять девичью честь. Төһө да хобулаабыттарын иһин, чиэспин сүтэрэ иликпин, сүтэриэм да дии санаабаппын. А. Софронов Ситэр саастаах кыыс эр киһини кытта эрдэ сылдьыһан чиэһин сүтэрдэҕинэ кини олоҕор, ситэ сайда илик доруобуйатыгар туох ыарахаттар үөскүүллэрин билиэхтээх. ТЕН ИДь
9 этии #
Нууччалыы соотв. потерять счёт чему-л
Этиилэр
Ахсаанын сүтэр
тугу-эмэ ааҕа сатаан баран, наһаа элбэҕиттэн бутуллан хаал, кыайан ситэ ааҕыма Кэлэн түһэ турар кустары, ааҕа сатаан баран, ахсаанын сүтэрдэ.
"Биэс, алта -- уон биир", – Гурьянов уон түөрт миинэҕэ дылы ааҕан баран, эстибит миинэлэр ахсааннарын сүтэрдэ. Т. Сметанин