Перевод с якутского
түөс
аат тыл, туохтуур
Нууччалыы расспрашивать, разузнавать, допытываться до мелочей
English chest
Ис хоһооно · 5
1 туохтуур #
Иҥэн-тоҥон, төрдүн-төбөтүн хаһыс, билэ сатаа (туох эмэ уруккуну, ааспыты)
Нууччалыы Расспрашивать, разузнавать, допытываться до мелочей (напр., о прошлом)
Төрүттэрин түөспүттэрэ – уруулуу буолан таҕыстылар. Эрилик Эристиин Төһө да кыһалҕалаахтык иитиллибитим иһин, оҕо сылдьан кэрэхсээбитим, түөстэххэ, бука, үгүс буолуо. ЫКТ. Өбүгэлэрбит олорон ааспыт олохторун түгэҕиттэн түөһэн, барытын үөрэтэн билэрбитигэр аан аһылынна МАП ЧУу
2 туохтуур #
сөбүлээб. Киһи истиэн баҕарбатын аҕын, кэпсээ
Нууччалыы Ворошить прошлое
Бу оҕонньор, ону-маны түөһэҥҥин. "Түксү, түксү, күтүр өстөөх! Түөһүмэ, ол оҕонньору", – Илибиэтэ эмээхсин маҥан сирэйэ кыһыл эбир буолла, ыксаата. Болот Боотур Туох даа, хотуой, бу оҕонньор тугу түөһэрий? И. Семёнов Обот-солоҥ муҥутаан, били Куртах [киһи аата] дьаабыламмытын түөһэр дуу, тугуй? Н. Заболоцкай
3 аат тыл #
Киһи-сүөһү көҥдөй көхсүн үөһээ илин өттө; агдака ис өттө
Нууччалыы Грудь, грудная кость, грудина
Ньургун Мичикээһи түөскэ "кип" гына тэбэрин кытта, киһитэ чалбахха тиэрэ таһылынна. У. Нуолур Симиирэп мөтөллүбүт түөстээх, бэрт бөҕө көрүҥнээх киһи. Э. Соколов Кырыымпаны түөстэригэр тирээн олорон, хаҥас илиилэринэн оонньууллар ЧАИ СБМИ
Өссө холобурдар (1)
Дьахтар эмиийэ. Θ Женская грудь. Саҥа төрөөбүт дьахтар түөһүн тымнытыа суохтаах
4 этии #
Түөс аҥаара кэпс. – уста кээмэйэ: киһи түөһүн ортотуттан туора ууммут илиитин төбөтүгэр диэри Устата, арааһа, түөс аҥаара баар быһыылаах.
Нууччалыы Мера длины, равная расстоянию от середины груди до кончика среднего пальца вытянутой в сторону руки
Этиилэр
Түөскүнэн тэл
туох эмэ улахан эрэйи-кыһалҕаны, моһолу көрүс, ону аас.
Преодолевать какие-л. трудности, препятствия.
Афганистан алдьархайын түөһүнэн тэлбит уол бэрт үөрүйэхтик ытыалаан тибиирдибитэ. "Күрүлгэн". Түөскэр силлии (силлэнэ) сыт кэпс. –түбүккүттэн төлөрүйэн, босхолонон көҥүл сырыт. соотв. плевать в потолок; бездельничать. Туһааннах үлэҕин бүтэрдиҥ эрэ, таах түөскэр силлии-силлии өһүө баһын ааҕа сытыахтааххын. Э. Соколов
Түөстэн көтүрүөһүн көтүрэн ылбыт курдук күҥэтийдэ
аһара кэлэйдэ.
Сильно разочароваться в чём-л.
Хапкааныгар хаптарбыт куобаҕын кэмигэр көрбөккө бөрөҕө сиэппитин көрөн, оҕонньор бэйэтэ бэйэтиттэн түөстэн көтүрүөһүн көтүрэн ылбыт курдук күҥэтийдэ.
Түөһүн охсунар (кырбанар, тоҥсунар)
кыра да үтүөҕүн-өҥөҕүн аах, онон өҥнөн таҕыс; тугунан эмэ аһара киэн тутун.
соотв. бить себя в грудь.
Омугумсуйуу, мин атын омуктан ордук омук оҕотобун диэн түөһү охсунуу, бука, ис култуура тиийбэтиттэн буолуо дии саныыбын. "Кыым".
Түөһүн эриэнин көрдөрдө
биэрэр тугум да суох диэн, иэскиттэн көлбөрүтүн, куотуна сатаа.
Отказываться от уплаты долга за неимением средств (букв. показал пестроту своей груди).
Дьэ, ити киһи түөһүн эриэнин көрдөрүө эрэ диэбэтэҕим. ХС этирик түөстэн – ким, туох эмэ батталыгар олор. Находиться под гнётом кого-чего-л. Кини ырыатыгар хараҥа батталга хам кэлгиллэн, хатырык тириилэнэн, этирик түөстэнэн сылдьыбыттара субу баар курдук көстүтэлээн ааста. Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (1)
Сынньыллар-таһыллар бөҕөлөртөн этирик түөстэммитим, чэрдээх илиилэммитим. Дьүөгэ Ааныстыырап
5 этии #
Нууччалыы Половина грудины туши животного, зверя
Этиилэр
Түөс аҥаара
сүөһү, кыыл этин түөһүн аҥаара Киһи ылыан сөптөөх, арай, эмис түөс аҥаара сытар эбит.
Мин дойдубуттан тыһаҕас түөһүн аҥаара киирбитэ. КНЗ ОО
Түөс симэҕэ (илин кэбиһэр)
анал оҥоһуулаах дьахтар түөһүгэр кэтэр киэргэлэ (хол., үрүҥ, кыһыл көмүс).
Женские нагрудные украшения (напр., из золота, серебра).
Түөс симэҕин ойуута-оһуора барыта тус-туһунан суолталаах буолар. "Кыым".
Түөс тыла
киһи түөһүн өҥүргэһин алын уһугунааҕы чороҕоро.
Выступающие кости нижней части соединительной ткани грудного отдела у человека.
Тоҕус уон бууттаах тааһы Уйбааскы чэпчэки баҕайытык түөһүн тылыгар дылы өрө тарпыт. Саха ост. I. Др -тюрк., тюрк. төш