Перевод с якутского
эмиий
аат тыл
Нууччалыы молочная железа женщины, грудь (женская); выступающая в виде шишечки наружная часть молочной железы самок млекопитающих животных, на конце которой открываются молочные протоки
English breast
1 аат тыл #
Дьахтар үүттэнэр уонна оҕотугар үүтүн оборторон аһатар уоргана; ийэ сүөһү, кыыл оҕолорун аһатар тумуктаах синньэ
Нууччалыы Молочная железа женщины, грудь (женская); выступающая в виде шишечки наружная часть молочной железы самок млекопитающих животных, на конце которой открываются молочные протоки
Кыыс ынахтарын сатаан ыамына, дэлби тириппитэ. Эмиийдэрин кытаанахтык бобо тута-тута тардыалаабыта. М. Доҕордуурап Эмиий үүтэ ынах үүтүттэн хас да төгүл ордук, кини оҕо куртаҕар чэпчэки. ТЕН ИДь. Тайҕаҕа төрөөбүт киһи бэйэтин өбүгэлэрин сатабылларын ийэтин эмиийин үүтүн кытта тэҥҥэ иҥэринэр. В. Санги (тылб.)
2 этии #
Нууччалыы Младший ребёнок в семье, последыш
Этиилэр
Эмиий куурдар, эмсэх кээһэр оҕо
ыал бүтэһик төрөөбүт оҕото Эмиий куурдар, эмсэх кээһэр оҕотун, буолаары буолан, суос-соҕотох кыыһын, уу кыһылыттан “мин хотунум” диэн ааттыыра.
ЧКС АК. Дьүөгэтэ сааһырбыт төрөппүттэригэр бүтэһик, эмиий куурдар, эмсэх кээһэр оҕолоро этэ. “Чолбон”
3 этии #
Нууччалыы О младенцах: вскармливаемый грудью, грудной ребёнок, грудник
Этиилэр
Биэ эмиийэ көр биэ
Онон-манан ордон турар эргэ бүтэйин кыйа үүммүт биэ эмиийин бөлкөй-бөлкөй уктарын диэки хаамабын.
Н. ЛугиновМоонньоҕон хара хараҕа, биэ эмиийэ! Оҕуруот аһа хонууларга килэдийэр. Саһархай сэлиэһинэй сарыалга долгурар, Кэбиһиилээх оттор кэчигирээн тураллар. К. Кулиев
Эмиийдээх оҕо
эмиий эмэр эһээхэй оҕо Харытыай эмиийдээх кыыһынаан хаалбыт.
Софр. Данилов. Эмиийдээх оҕо Ийэтин түөһүгэр саба түһэн Имигэс илиитинэн ыга кууһан Эстибэт-быстыбат минньигэс күүһү уймахтыыр. С. Васильев Финляндия учуонайдара биэ үүтэ ордук эмиийдээх оҕолорго туһалааҕын бэлиэтээбиттэрэ. ААФ КС
Эмиийиттэн араар
ийэтин эмиийин эмэ сылдьар оҕону биирин туоллаҕына эмэрин тохтот, бырахтар.
Перестать кормить ребёнка грудью, отучить, отлучить от груди.
Бу уолгун аныаха диэри эмиийиттэн араара илик эбиккин дуу? ГНС СТСДТ
Эмиий кэрэтэ
киһи эмиийин чопчутун харааран көстөр тулата.
Тёмный кружок вокруг грудного сосца.
Эриэн кыылым уһуктаах тылынан Эмиийим кэрэтиттэн сыҥаахпар дылы Уот курдук дьукку салаабыта, Унньулус гыммыта, сүтэн хаалбыта.
П. ОйуунускайСэрэйбитим курдук, буулдьа хаҥас хонноҕун аннынан уонна уҥа эмиийин кэрэтин аттынан тахсыбыт. Н. Якутскай
Өссө холобурдар (1)
Ср. ДТС емиг ‘грудь женщины, соски; соски животных’