Перевод с якутского
аһай
аат тыл, туохтуур
Нууччалыы преследовать кого-л. постоянно, вредить, мстить кому-л
Ис хоһооно · 4
1 туохтуур #
Соруйан хатайан туран, арахпакка куһаҕаны оҥор, өһөө
Нууччалыы Преследовать кого-л. постоянно, вредить, мстить кому-л
Бу үөр бөрөлөр [фашистар], бу кулан курдьаҕалар аан ийэ дойдуну атыйахтаах уу курдук аймаатылар, аһайан туран алдьаттылар. В. Протодьяконов Аар тайҕа дуолан баһылыга моҕуһун, аһайан булбутун, ыспытын-тохпутун! Бу ханнык эһэ буолуой. ХС Өлөр, син биир аһайыам, Арҕаскар сүгэһэр буолуом, Хомурдуостуу хатаныам.
А. Твардовскай
Өссө холобурдар (1)
Өрүскэ киирбитим, мотуорбун ууга ылан бырахпыт. Куорпуспун үлтү тэпсэн кэбиспит. Аһайдаҕына оннук кыыл [эһэ]. “Кыым”. Ср. тунг. -маньчж. аса ‘преследовать (напр., зверя)’
2 аат тыл #
Дьахтар оҕону үөскэтэр сиэмэтэ
Нууччалыы Женская половая клетка, яйцеклетка
3 аат тыл #
Дьахтар төрүүрүгэр тахсар убаҕас
Нууччалыы Выделения у реженицы
4 аат тыл #
, үөхс., сэнээн. Дьон абааһы көрөр, олус куһаҕан өйдөбүллээх ким-туох эмэ үөскэппит, төрөппүт киһитэ, дьоно; ыама, ыамалар
Нууччалыы О человеке, людях как о резко отрицательном порождении кого-чего-л.; отродье, урод
Хайа абааһы аһайа булла буолла? ПЭК СЯЯ