ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

дьааһык

аат тыл

Нууччалыы четырехгранный короб для вещей, ящик

English drawer

I

1 аат тыл #

Түөрт муннуктуу быһыылаах ону-маны угарга аналлаах холбуйа, мал

Нууччалыы Четырехгранный короб для вещей, ящик

  • Оҕобутугар биэриэҕи дьааһыктан били харчыны ылан аҕал эрэ.
    А. Софронов
  • "Бу саахар", – Губин кыра фанера дьааһыгы тарбаҕынан тоҥсуйбахтаан кэбистэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Дьааһык муҥунан арыыны, алаадьыны симнэ.
    Суорун Омоллоон
Өссө холобурдар (1)
II

2 #

дьааһык киэһэ (түүн) – киһи өлбүтүн кэнниттэн үүнэр суукка хараҥа кэмнэрэ (киэһэ, түүн – былыргы итэҕэлинэн, бу кэмнэргэ өлбүт киһи үөрэ сылдьар диэн улаханнык айдаарбаттар, кэлбэттэр-барбаттар)

Нууччалыы Вечер и ночь, наступающие после смерти человека (по якутскому поверью, в это темное время суток появляются злые духи, поэтому стараются не выходить на улицу, не шуметь)

  • Дьааһык түүн айанныыр куһаҕан диэннэр, бары хоно хаалбыттар.
    Болот Боотур
  • Дьааһык киэһэлэргэ таһырдьа тахсарым сатаммат этэ.
    И. Гоголев
  • Абааһы туһунан кэпсэтэр, Ахтыһар куттуур этилэр, Арыт өлбүт үөрүн кэритэр Дьааһык киэһэлэр кэлэллэр. Дьуон Дьаҥылы. Ср. общетюрк. йазык, йазух, жазык ‘грех, вина’

3 этии #

Нууччалыы Небольшой навесной ящик для писем, корреспонденции, почтовый ящик

Этиилэр

Буоста дьааһыга

хаһыаты, сурунаалы, суругу о.

  • д. а. угарга, түһэрэргэ аналлаах ыйанар дьоҕус дьааһык Суругун сүүрэн тахсан, чугаһынааҕы буоста дьааһыгар түһэрэн кэбистэ.
  • Тириппитин, сылайбытын билинэр санаа киниэхэ дьиэтигэр кэлбитин эрэ кэннэ биирдэ охсуллан ааспыта, ону даҕаны ыраахтан иһэн, кураанах кубарыйан турар буоста дьааһыгын көрөөтүн кытары.
    В. Яковлев
Өссө холобурдар (1)
  • Ленька биһикки, сурукпутун килиэйдээн баран, буоста дьааһыгар сырыстыбыт.
    ПН ДЫ

Умайбат дьааһык

харчыны, сыаналаах докумуоннары харайарга аналлаах уот сиэбэт дьааһыга, сиэйпэ.

Несгораемый шкаф, ящик для хранения денег, ценных документов, сейф.

  • Хаһыаты хастыы тардан ылан, умайбат дьааһыкка угаат, хачыгыраччы хатаан кэбистэ. М. Доҕордуурап

«ДЬ» буукуба