ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

дьааһыйыы

аат

II

аат

дьааһый II диэнтэн хай. аата. Арай мин өлбүт эбиппин. Туохтан, тоҕо буолтун билбэппин: Баҕар, этиҥ дьааһыйыытын кэнниттэн, Баҕар, ханнык эрэ ис дьаҥыттан. Таллан Бүрэ

  • дьааһый I диэнтэн хай. аата. [Архитектура] – бу барыта кэрэ муусука буолбатах, сорҕото дьааһыйыы, саҥа аллайыы, өмүрүү уонна көннөрү мунньараҥнааһын.
    Н. Лугинов
  • Дьыалата суох тыыллаҥныы, Дьаабыта суох дьааһыйыы, Сылайбакка сыҥааҕырдыы Манна [Күөх-көппөлөр сирдэригэр] эбит!
    П. Тобуруокап
  • Эмискэ санаан ылаат, оргууй "мүчүк" гынар. Дьааһыйыыны үргүтэ, Күлсэн ньиргиһэллэр. А. Твардовскай (тылб.)

«ДЬ» буукуба