Перевод с якутского
хоппо
аат тыл
Нууччалыы небольшой деревянный или картонный ящик, служащий для хранения, упаковки чего-л., коробка, сундучок
English box
1 аат тыл #
Тугу эмэ уурарга, харайарга аналлаах дьоҕус мас эбэтэр хордуон дьааһык
Нууччалыы Небольшой деревянный или картонный ящик, служащий для хранения, упаковки чего-л., коробка, сундучок
Көмүс хоппо иһигэр кыһыл ынах хаалла сылдьар (тааб.: тыл). Дьиэ эркинин тула иһит, таҥас, араас мал, мас хоппо уонна да атын сээбэстэр ууруллубуттар, ыга кыстаммыттар. Болот Боотур Дьөгүөссэ остуолтан кинигэтин ылан, кумааҕытын хоппотугар уган баран, ороҥҥо олорон, кумааҕытын сааһылыыр.
КүндэОппутун аҕалан куурдабыт-хатарабыт итиэннэ ампаарга урут бурдук кутуллар хоппотугар симэбит И. Федосеев
2 аат тыл #
Улахан, уһун мас дьааһык, куорап (хол., икки хоппоҕо туонна кэриҥэ балык киирэр)
Нууччалыы Большой деревянный ящик, довольно длинный, короб (напр., в таком ящике вмещается около тонны рыбы)
Бу Таба Баалы, аатырбыт соболоох күөл. Биирдэ, сэрии иннинэ, отут хоппо балыгы сиэн турардаахтар. Далан Улуу тойон Протодьяконов П. 1895 сыллаахха Хадаар нэһилиэккэ Быакана диэн күөлү баҕадьылаан, сүүрбэ биэс хоппо балыгы таһаарбыт. Эрилик Эристиин Хамньаҕалар Мүөчүкү туоната диэнтэн уонтан тахса хоппо собону хоторбуттар Күннүк Уурастыырап
3 этии #
Этиилэр
Хоппо күрдьэх көр күрдьэх
Сэмэн оҕонньор хоппо күрдьэх курдук ытыһын утары уунар. Амма Аччыгыйа Саҥата-иҥэтэ суох, хоппо күрдьэҕинэн оргууй аҕай дуксуйан испит. А. Бэрияк
Өссө холобурдар (1)
Ср. бур. хоорпо ‘короб’, бур. диал. хопто ‘ящик’