Перевод с якутского
уһуктан
Нууччалыы быть, казаться угловатым
1 #
Уһуктаах курдук буол, оннук көһүн
Нууччалыы Быть, казаться угловатым
уһуктаа диэнтэн атын., бэй. туһ. Оруос бурдук лоһуор куолаһа туу сүрэҕин курдук уһуктанан турара.
Суорун ОмоллоонКыстыгы саайан баран, угун аллараа өттүн сиргэ батары саайардыы уһуктанар. ПАЕ ОСС. Уһуктана илик сабыс-саҥа харандааһы куораттан таһаардахтара. ПНИ АДХ Аҕабыыт хаана тоҥо, сирэйэ дьэбин уоста, кэтит бытыга уһуктана, хараҕа уоттана түспүтэ. Н. Якутскай
Өссө холобурдар (2)
Кини мунна, сэҥийэтэ хайдах эрэ уһуктана түһэн, хаана ыараан, дьиппинийэн олордо. А. Фёдоров Маайа уоһа дьэ эбии уһуктаммыкка, тыла ордук сытыырхайбыкка дылы А. Сыромятникова
2 #
Олус сытыырхай, аһара күүһүр
Нууччалыы Обостряться, усиливаться
Күннээҕи түбүктээх олох сөп-сөп түмүллэн, уһуктанан, сытыырхайан ылар ураты түгэннэрэ – олох лоскуйдара.
Н. ЛугиновХалыҥ хаһалаахтары Уруккуттан утарбыт Уоттаах охсуһуубут Уһуктаннын! Р. Баҕатаайыскай Урдустарбыт кэнники кэмҥэ Уһуктанаары гыннылар дуу?! Чолбон
3 этии #
Тыла уһуктаммыт кэпс. – кыһыылаахтык-абалаахтык саҥар-иҥэр, кими эмэ кыһытардыы саҥар Бэйэтэ буоллаҕына – Оччугуй бэйэтэ улаатта, Тыла-өһө уһуктанна, Киэбэ-киэлитэ уларыйда, Хаана-сиинэ хамнаата. Ньургун Боотур. Уоһун олоруутун көрүө этигит, чорболдьуйан түһэн, тыла уһуктанан чубугуруур. Э. Соколов
Нууччалыы Бросать язвительные, колкие, оскорбительные слова, ехидные словечки