ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ыйылын

туохтуур, аат тыл

Нууччалыы завязываться, затягиваться накрепко в тугой узел

I

1 этии #

  • ый I диэнтэн атын. туһ. Кини туохха да туһата суоҕа барыта тарбаҕынан аахпыт курдук ыйылынна.
    Амма Аччыгыйа
  • Киһи -- орто дойдуттан барар күнэ ыйыллан төрүүр эбит диэн кырдьык быһыылаах. ОҮҮА. – Билиэккитигэр ыйыллыбыт эрэ миэстэлэргэ олороҕут! – диэн кыра лэппэйбит дьахтар биллэрдэ. Б ЭБ. Бу боппуруоһу [миграцияны] үүннүүр-тэһиинниир хайаан да наадата ыйылынна. "Саха с. "

Этиилэр

Ыйааҕа ыйыллыбыт көр ыйаах

  • Тойонноох хотунун итинник кэпсэтиилэрин чаҕар кыыстара истибит уонна чымаан ыйааҕа ыйыллыбыт сылгыһыт уолга сибис гыммыт. И. Гоголев
II

2 туохтуур #

Сөллүбэт гына, кытаанахтык баалын, тардылын

Нууччалыы Завязываться, затягиваться накрепко в тугой узел

  • Кини ынаҕын муоһуттан быаны сүөрэн тиниктэһэр. Быа ыйыллан хаалбыт.
    Н. Якутскай
  • Арай атын ыытаары гыммыта аалыгын быата өтөр сөллүбэт гына ыйыллан хаалбыт.
    Далан
  • Көҕөн мөхсүбүтүгэр ыйыллан хаалбыт туһаҕы -- Даайыс бэрт өр будьуктаһан араарда
    А. Неустроева

3 туохтуур #

Туох эмэ түмүллэн ыга баайыллыбыт курдук тыҥаа, кыт аат

Нууччалыы Становиться напряжённым, трудно разрешимым, обостряться

  • Дьыала көрүллэрэ төһөнөн уһуур да, соччонон Күлүк Луха уонна Дьөгүөрсэ Тырынкаайап өстөһүүлэрэ ыйыллан, күүһүрэн, тыҥаан испитэ.
    Н. Якутскай
  • Тардыллыбыт айа кылыытыныы тыҥаабыт сыһыан аны хаһан да өһүллүбэттик ыйыллыбыта.
    Далан
  • Ньарбаанньыйа сэриитэ туран, олох-дьаһах аһара да ыйылынна
    П. Аввакумов

«Ы» буукуба