Перевод с якутского
тыҥаа
туохтуур
Нууччалыы натягиваться до предела
1 туохтуур #
Кытаата чиккэччи уун, тыйыһыр (хол., быаны этэргэ)
Нууччалыы Натягиваться до предела (напр., о струне, верёвке)
Сыыйыы ыстаал утахтар лыҥкынаһа тыҥыыллар. П. Тобуруокап Мас эрдиилэр хамсаан сардыр-сурдур тыаһыылларын кытта баарса холбоммут быата тыҥаата, чиккэйдэ. И. Наход кин. [Ыт] тыҥаабыт кутуруга субуллан баран, саамай төбөтө эрэ дьигиргиир. Л. Толстой (тылб.) Кытаата тыылын, күүр. Θ Напрягаться, становиться упругим. [Маня] субу төлө биэрэн күлээри, этэ-сиинэ тыҥаан, эрчимнээх үлүгэрдик дьигис гыныахча буолар. Н. Заболоцкай
Өссө холобурдар (1)
Кинээс сирэйэ үрбүт хабахтыы тыҥаата, төгүрүйэргэ дылы гынна. Тулхадыйбат д
2 туохтуур #
Муҥутуу түмүлүн, түмүллэн, мунньуллан күүр (туох эмэ күүһүн туһунан этэргэ)
Нууччалыы Становиться напряжённым; обостряться
Тас эйгэ хайдах даҕаны үллэн-баллан ытыллыбытын, тыҥаабытын иһин Кирилл Маркович ымыттыбат, онуоха бас бэриммэт.
Н. Лугинов"Бэйэм эрэ суруйбутум диэтиҥ дуо?" – оҕонньор куолаһа тыҥаата. С. Дадаскинов Бу икки ыал сыһыаннаһыыта улам тыҥаан барар. Н. Тобуруокап
Өссө холобурдар (1)
Ср. алт. тыҥы ʽукрепляться, окрепнутьʼ, кирг. чыҥа ʽукреплятьʼ, тыҥ ʽоправиться, окрепнутьʼ