Перевод с якутского
күрэй
туохтуур, аат тыл
Нууччалыы напрягаться, натягиваться
1 туохтуур #
Тыҥаа, күүр (хол., киһи быччыҥын, иҥиирин этэргэ)
Нууччалыы Напрягаться, натягиваться (о мышцах, сухожилиях человека)
Мунньахха кэлбит сылгы-ынах таҥастаах дьон эттэрэ кытаран, иҥиирдэрэ күрэйэн, итиннэ манна титирик күлүгэр сыталлар, олороллор.
Суорун Омоллоон[Эһээ Егор] хас оҕустаҕын аайы көҕөн эттэрэ күүрэн логлоруттан тахсаллар. Моонньо күрэйэн уһуурга дылы буолар М. Доҕордуурап
2 аат тыл #
Наартаҕа олорон иһэн, таба үүрэр, салайар уһун синньигэс ураҕас мас
Нууччалыы Хорей, шест для управления оленями
Күрэхтэһээччилэр күрэйдэрин туппутунан ойутарга бэлэм тураллар. Урсун. Кымньыы акка, оҕуска туттуллар, табаҕа күрэй диэн баар, уһун ураҕас. ХС Куриль, табаларын күрэйинэн дьарыйан биэрэ-биэрэ, ырааҕы саныы истэ. С. Курилов (тылб.)