Перевод с якутского
чиккэй
туохтуур
Нууччалыы натягиваться в струнку, выпрямляться, не свисать
1 туохтуур #
Көбүс-көнөтүк тардыллыбыт, тыҥаабыт курдук көнө буол
Нууччалыы Натягиваться в струнку, выпрямляться, не свисать
Таба маамыкта чиккэйиэр диэри ойон баран, умса холоруктаан, эргичис гынна. Болот Боотур Мас эрдиилэр хамсаан сардыр-сурдур тыаһыылларын кытта баарса холбоммут быата тыҥаата, чиккэйдэ. И. Никифоров Итини кытта сэргэ күөгүбүт быата чиккэйэ түһээт, харбыс гынна В. Тарабукин
2 туохтуур #
Төбөҕүн, көхсүгүн кэннин диэки ыытан, көбүс-көнөтүк чыначчы тутун
Нууччалыы Выпрямиться, вытянуться, встать стрункой, навытяжку
Төрүт да уһун, синньигэс Булочкин чиккэйиэҕинэн чиккэйэн, чоноллон турарын көрүдьүөстүк көрдө быһыылаах. Амма Аччыгыйа Итиччэни истээт, кыра уҥуохтаах хара киһи үөрүүтүттэн эккирээбэтэ эрэ, чиккэйиэҕинэн чиккэйэн тойонун өрө көрөн турда. ВНГ ГОПХ. Хохуол төбөтүн силигир гыннарбыта, устурууна курдук чиккэйбитэ. М. Горькай (тылб.)
3 туохтуур #
Өлөн, тыыллан сыт
Нууччалыы Умереть, протянуть ноги
Сэмэн чиккэйэ сытар эр киһи хонноҕун аннын туппахтаан көрдө. Н. Якутскай [Эмээхсин] чиккэйэн, аны кимтэн да куттаммат, кимтэн даҕаны дьиксиммэт буолан сытар. А. Сыромятникова Охонооһой, төбөҕө таптаран, Туймааран тыастаахтык оҕунна, Чиччигинээн, иҥиирин тартаран, Дьигиҥнээт, чиккэйэ оҕуста. Дьуон Дьаҥылы. Ср. туркм. дикелмек ʽвыпрямляться, распрямлятьсяʼ