Перевод с якутского
түмүк
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы узел
English knot
Ис хоһооно · 7
1 аат тыл #
Нууччалыы узел
English knot
быа түмүгэ узел верёвкиa knot of rope
2 аат тыл #
Нууччалыы результат; вывод
English result, conclusion
дьыл түмүгэ итоги годаthe year's results бу сыралаах үлэ түмүгэ это плод упорного трудаthis is the result of painstaking work
3 аат тыл #
Быа бэйэтэ бэйэтигэр эрийэ тутуллан ыга тардыллыбыта
Нууччалыы Затянутая петля, узел
Оҕустарын тартардылар, салҕааһыннарын түмүгэ ыйыллан, быа уһаата, бурҕалдьы кэҥээн, оҕус арҕаһыгар мүччү ыстанан таҕыста. Амма Аччыгыйа Мин туох буолбутун тута сэрэйдим: бөрө маамык быа төбөтүнээҕи түмүгүттэн ытырбыт. Т. Сметанин "Гордий баайыыта" диэн ааттаммыт ол быа түмүгүн сүөрэ сатаан бэрт үгүс дьон таах эрэйдэммиттэрэ КФП БАаДИ
4 аат тыл #
Туох эмэ бүтэһиктээхтик быһаарыллыбыта, бүтэһиктээх быһаарыы
Нууччалыы Окончательное решение, итог, заключение
Дайбыырап ыскылааттарыгар инвентаризацияны устуу бу нэдиэлэ иһинэн бүтэр, онтон түмүк тахсыаҕа. М. Попов Итинтэн барытыттан туох түмүгү оҥоруохха сөбүй? П. Егоров Кини олоҕун биир суол кэрдииһигэр түмүк оҥоһунна. Н. Заболоцкай
Өссө холобурдар (4)
Бүгүн манна буолбут аһаҕас кэпсэтииттэн хайа-хайаҕыт наадалаах түмүгү оҥостунаргыт эрэйиллэр В. Яковлев Түмүк хартыынаҕа Кутурҕан Куо санныгар эриэн кыылы таҥнары сүгэн киирэр. Н. Заболоцкай Уол оҕо уйана-хатана биллэр эппиэттээх түмүк түгэнэ тирээн кэллэ.
Г. КолесовДьылбыт түөрт түмүк кэрдииһин Саамай улахана – Кылбаарыйар хаардаах кыһын Бу кэлэн турдаҕа И. Эртюков
5 аат тыл #
Ханнык эмэ үлэ эбэтэр туох эмэ түмүктүүр көрдөрүүтэ
Нууччалыы Вывод, результат, итог (напр., какого-л. труда)
Утумнаах үлэттэн эрэ, биһиги, учууталлар үлэбитигэр туох эмэ түмүк тахсар. Далан Ити мөккүөрдэрин түмүгүн быһаарсаары, Настя тиийэн кэлбитэ. Н. Якутскай Дириэктэр, -- сайыҥҥы үлэ түмүгүн кэпсии куорпустары кэритэр, оҕолору көрдөрөр Н. Заболоцкай
6 даҕааһын #
суолт. Бүтэһиктээх, тиһэх
Нууччалыы Заключительный, завершающий
7 этии #
Нууччалыы Обобщающее слово
Этиилэр
Буруйдуур түмүк көр буруйдаа
[Сууттанааччылар] сорохторун адьас сотору бүтэрэн, буруйдуур түмүгү суруйуохтаах. М. Попов. Түмүктүүр тыл төхт. көрүҥ. – этии биир уустаах чилиэннэрин түмэн солбуйар тыл Бу этиигэ түмүктүүр тыл ханан турарын быһаар. Түмүк тыл –этиллибит санааны түмэн этии.
Заключительное слово.
Тыл этээччилэр бүппүттэрин кэннэ Кыра Хабырыыс түмүк тылын эттэ. Эрилик Эристиин