ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

адаар

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы торчащие в разные стороны, как бы разбросанные во все стороны (напр., о ветвях деревьев); торчащий множеством остроконечных пиков

English gnarl, knot, burl

1 даҕааһын #

Ол-бу диэки арбайан, хоройон турар курдук (хол., мас лабаатын, мутук, сылбах эҥин туһунан); хойуутук уһулута ойбут, чочумаас-чочумаас буолан көстүбүт (хол., хайа өргөстөрө)

Нууччалыы Торчащие в разные стороны, как бы разбросанные во все стороны (напр., о ветвях деревьев); торчащий множеством остроконечных пиков (о цепи гор)

  • Алтан чэчир кэриэтэ Аалыы көмүс туораахтанан Адаар ыарҕа дэтэммин Айгыстан үөскээбитим! Саха нар. ыр. II. Кинилэр [Платоннаах] биэрэк дьиэлэригэр сөрүөстэн, Хомустаах күөл уҥуор түрмэ адаар курдук уһуктаах олбуорун одуулаһан турдулар.
    П. Филиппов
  • Икки чаас көтөбүт, түөрт чаас көтөбүт. Бараммат муус килиэ, адаар хайа, арҕас хайа
    С. Васильев
  • Онон-манан уһулу ойон тахсыбыт курдук күөрэлэммит (хол., сыбар, лааҥкы, таас эҥин). Θ Нагроможденный в беспорядочную кучу, с торчащими в разные стороны острыми краями, труднопроходимый (напр., валежник, бурелом, нагромождение камней). Сылбахтыы охтубут адаар мастаах, куруҥ тыа дүөдэтин саҕатыгар, биэ маска атыллан баран, кыайан хаампат буолан турарын булбуттара.
    В. Протодьяконов
Өссө холобурдар (1)
  • Манна иччитэх ыыспаҕа, Былыр ырыаһыт төрүөбүт, Адаар таастары, атаҕа Хаан аҕыан тухары, үктүөбүт. Эллэй. Адаар төҥүргэстэр быыстарынан арҕаа диэки хаамтаран бара турда
    Эрилик Эристиин

2 аат тыл #

суолт. Арбах, лааҥкы дулҕа мэһэйдээх сир; очуос, чочумаас курдук хайалаах сир

Нууччалыы Кочкарник; скалистые горы, нагромождение утесов, скал. [Уоһук:] Биһигини дулҕа адаардарга үүртэлээн бараннар, бэйэлэрэ дойду сир үчүгэйин тутан олорбуттара дьэ тохтуо

  • Билигин ол куһаҕан куталары, адаардары кинилэр амсайан көрдүннэр.
    Күндэ
  • Оо, билигин биһиги ити айылҕа үлүһүйэн туран өрөһөлүү быраҕаттаабыт таас адаардарын үрдүнэн холкутук кинигэ ааҕан ааһыталыыбыт эбээт.
    Амма Аччыгыйа
  • Таас хайа адаарын үрдүнэн далаарда Саймаархай салгын ыар харааба
    И. Чаҕылҕан

3 этии #

Нууччалыы Описательное (образное) название лося, оленя (букв.: крупноветвистые рога)

  • Адаар муос - тайаҕы, табаны хоһуйан ааттааһын Адаар муос аалыҥныы хамсанан, тыалырар ойууру санатар. КНЗ СПДьНь. Ынах муоһа, сылгы туйаҕа, Таба адаар муоһа сүөһүлэнэн, Биитэр эсэһит, тииҥньит аатыран Оонньуурбут кыанар ыал сиэринэн.
    С. Данилов
  • Адаар муостаах - 1) улахан кыыл (тайах, таба, үксүгэр дьиикэй, бултанар өттө). Θ Рогатый крупный зверь (обычно промысловый - лось, дикий олень). Адаар муостааххыттан Атырдьах атахтааххыттан амсат!
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • Адаар муостаах төбөтүн хантатан баран, сиһэ кэдэйиэҕинэн кэдэйэн, көтөн иһэр курдук.
    В. Гаврильева
Өссө холобурдар (4)
  • “Оҕо бухатыыр алааһа”, эмиэ атын алаастар курдук, налыы сыһыылаах, адаар муостаах тоҕуоруһар үрдүк хордоҕойдоох, кус-хаас мунньустан төрүүр-ууһуур күөллээх.
    В. Иванов
  • 2) Ынах сүөһү. Θ Крупный рогатый скот. Алаас муҥунан адаар муостаах, сыһыы аайы сыспай сиэллээх чугас эргин киниэхэ эрэ баара.
    С. Никифоров
  • Адаар муостаах, үрүҥ сиэллээх алаас аайы барҕарыа.
    Л. Попов
  • Төрүт-уус төрөөбүт түөлбэбит барахсан, быйылгы дьылга адаар муостаахтарбытын, алаас миҥэлэрбитин күөх киэнэ күндүтүнэн, үүнээйи киэнэ үчүгэйинэн айах тутан аһатаахтаа эрэ. Эвен фольк

«А» буукуба