ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кэнники

даҕааһын, сыһыат, аат тыл

Нууччалыы находящийся позади, сзади кого-чего-л

English last, final

Ис хоһооно · 8

1 даҕааһын #

Ким-туох эмэ кэннигэр баар

Нууччалыы Находящийся позади, сзади кого-чего-л

  • Кэнники сэргэлэрэ Кэрэниис ойуулаах Кэҕэ кыыллаах эбит...
    П. Ойуунускай
  • Элбэх суол тахсыбатар диэбиттии, кэнники киһи инникитин суолугар биир олук үктэнэн барбыт.
    Н. Якутскай
  • Сыарҕаҕа икки эрэ кэнники ыттар хааллылар
    Т. Сметанин
Өссө холобурдар (6)
  • Этиҥ этэн баран, кэнники уурайда.
    Суорун Омоллоон
  • Эн биһикки сэһэммитин кэнники салгыахпыт.
    С. Ефремов
  • Маҥнай мэлдьэһэн көрөн баран, кэнники билиммиттэр
    МНН
  • Онтон маҥнайгылар [аттаахтар] уҥуоргу сыырга тахсыыларыгар, кэнникилэр мууска ыстаннаран киирэллэр.
    Амма Аччыгыйа
  • Оҥхойтон тахсан иһэн үс ньиэмэстэн кэнникитэ охтон түстэ.
    Т. Сметанин
  • Сэргэстэспит икки бүтэй дорҕооннортон инникитэ кэнникитин уларытарын өрө ассимиляция дэнэр.
    ПНЕ СТ

2 даҕааһын #

Кэлиҥҥи, хойукку

Нууччалыы Последний (по времени), поздний

  • Кэнники бириэмэҕэ миигин идэбинэн үлэлэппэт буоллулар.
    С. Ефремов
  • Ийэм кэнники тылларын хайдах эрэ хомойбуттуу эппитэ.
    Далан
  • Поэт саамай кэнники кинигэтин "Биһиги күннэрбит ырыалара" диэн ааттаабыта. Софр
    Данилов
Өссө холобурдар (4)
  • Бурхалей, куолутунан, бастаан, Эрбантей кэнники буолан хаамсан бардылар.
    Эрилик Эристиин
  • "Биһиги удьуорга куттаҕас, кэнники соһулла сылдьар киһи суоҕа!" - диэтэ убайа кытаанахтык.
    Г. Колесов
  • [Светлана] саамай кэнники испитэ. Л. Воронкова (тылб.)
  • Кэнникини кэпсиир, Инникини сэрэйэр Улаҕалаах тойуктаах Урааҥхай уола Буолан Уоҕуран тахсыам
    А. Софронов

3 даҕааһын #

суолт

4 даҕааһын #

Төһө эрэ кэм кэнниттэн, хойут

Нууччалыы Спустя некоторое время, позднее

5 даҕааһын #

Ким-туох эмэ тиһэҕэр, бүтэһигэр

Нууччалыы Позади, сзади, позже, в конце

6 аат тыл #

Кэннигэр баар ким-туох эмэ, ким-туох эмэ бүтэһигэ

Нууччалыы Кто-что-л., находящийся сзади, кто-что-л., являющийся последним в порядке следования

7 аат тыл #

Ааспыт кэм, туох буолбута

Нууччалыы Прошлое, прошедшее

8 аат тыл #

Кэлэр кэм, туох буолуохтааҕа

Нууччалыы Будущее, будущность. [Кэтириис:] Билигин олоробун

  • Кэнникитэ хайдах буолан иһэр.
    А. Софронов
  • Кэрэ доҕоруом, кэмсинимэ, кэнникигэ үөрэх, Оломун билбэккэ эрэ ууга киирбэт буол. Күн Дьирибинэ. Кэнникитин санаабатах Киитилэр обургу, - Сиэмэх санаата киирэн Сэриини тэрийбитэ
    Тоҥ Суорун

«К» буукуба