Перевод с якутского
тиһэх
даҕааһын, аат тыл
Нууччалыы последний; прошлый
English final, last
Ис хоһооно · 6
1 даҕааһын #
Нууччалыы последний; прошлый
English final, last
тиһэх тохтобул последняя остановкаlast stop тиһэх киһи последний человекlast person
2 аат тыл #
Нууччалыы конец
English end
саамай тиһэххэ до самого концаto the very end
3 даҕааһын #
Саамай кэнники, бүтэһик; саамай уһук
Нууччалыы Самый последний, завершающий; конечный
Тиһэх бакаал иһилиннэ: "Мэлдьи доҕордуу буолуоҕуҥ!" Эллэй. Арай умнуллуо суоҕа хаһан, ханна даҕаны Эн биир дьоруой ыччатыҥ тиһэх хаартыската. С. Данилов Тиһэх тохтобулга оптуобустан түһэн, Дмитрий Петрович тустуу саалатын диэки хаамта. НЕ
4 этии #
Нууччалыы Он ещё не сказал своего последнего слова, он ещё не проявил до конца свой потенциал
Этиилэр
Тиһэх күн көр күн
Сэлиик атыыһыт сэллик ыарыыга быһа эмтэрэн адьас өлөөрү тиһэх күннэрин ааҕа сылдьара.
Н. Лугинов"Эрэлбит эрэ кини этэ", – диэн нүһэр, тиһэх күҥҥэ эрэ этиллэр саҥалар онтон-мантан иһиллибиттэрэ. А. Сыромятникова
Тиһэх суол көр суол
Аны мантан инньэ тиһэх суолгар аттанаргар хомуннахха эрэ табыллыыһы.
Н. ЛугиновТиһэх суолун булбут. И. Бочкарёв
Өссө холобурдар (1)
Кини мэлдьи бөдөҥ, үтүө көрүҥнээх, күүстээх дьону таптыыра. Ол өйүн бу тиһэх суолугар да ыһыктыбакка истэҕэ. ХС
Тиһэх суолугар (суолга) атаар көр атаар
Сайыҥҥы куйаас күн оҕонньору тиһэх суолга атаараары киһи бөҕө тоҕуоруйбут. Е. Неймохов [Татьяна] аҕабытын тиһэх суолугар атаарарбытыгар даҕаны кэлэ сылдьыбатаҕа. М. Попов
Өссө холобурдар (1)
Эллэйи тиһэх суолга атаарарга олус элбэх киһи кэлбит этэ. ХС
Тиһэх тылын этэ илик
бэйэтин кыаҕын өссө да ситэ туһана, бэйэтин көрдөрө илик Оттон үһүс миэстэҕэ улахан эрийсии буолуох курдук.
Тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ да тиһэх тылларын этэ иликтэр. "Кыым".
Тиһэх чаас
кимтэн, туохтан эмэ арахсар эбэтэр өлөр бүтэһик түгэн, чаас.
соотв. последний час.
Кини тиһэх чааһыгар бу орто дойдуга төрөөн туох үчүгэйи көрбүтүн була сатыыр. Н. Якутскай Бу амырыын ыарыыттан ама туох ааттаах быыһаан ылыаҕай? Тиһэх чааһа бу тирээн кэллэҕэ. В. Иванов
5 этии #
Нууччалыы В самом конце
Этиилэр
Бүтэр тиһэххэ
бүтэһигэр, түмүгэр Бүтэр тиһэххэ Кеша Тускаев тыл этэ тахсыбыта.
Эрилик Эристиин.
Тиһэх сонун
араадьыйанан, тэлэбиидэнньэнэн, хаһыатынан бүтэһик сонуннары иһитиннэрии.
Последние известия, новости.
Эбээн, юкагир приёмниктан Истэр "тиһэх сонуннары". Дьуон Дьаҥылы. Киэһэ үлэ кэнниттэн Кэтэһэбит сэттэттэн Дьокуускайбыт "кэлэрин", Тиһэх сонун кэпсиирин. М. Тимофеев
Тиһэх тыл
1) ким эмэ тугу эмэ этэригэр түмүктүүр тыла.
Чьё-л. заключительное слово.
[Мирей] бэйэтин санаатыгар сүүмэрдэммит тылларынан мүччүргэннээх тиһэх тылын эттэ. Эрилик Эристиин; 2) киһи өлөөрү, тыына быстаары сытан этэр кэриэс-хомуруос тыла. Последнее, предсмертное слово. "Быраһаай, Андрей! Сор-муҥ барыта таҥараттан тутулуктаах буолар, дьон хаһан да онно буруйдаах буолбаттар", – диэн этэ эдьиийиттэн истибит тиһэх тыллара. Л. Толстой (тылб.); 3) киһини көмүүгэ этиллэр бырастыылаһар тыл. Погребальное, прощальное слово. Сэбиэт Уйбаан, сирэйэ-хараҕа тыйыһыран, тиһэх тыллары эппитэ. П. Аввакумов; 4) суут-сок. Сууттанааччы суукка этэр бүтэһик тыла. Последнее слово подсудимого на суде. Буруйдаах тиһэх тылын эттэ.
Тиһэх чуораан
үгэс быһыытынан сылын аайы оскуоланы бүтэрэр үөрэнээччилэргэ анаан ыытыллар тэрээһин аата.
Последний звонок.
Тиһэх чуораан, Суолга алҕаан Тыаһаа, тыаһаа, Туой, лыҥкынаа. "ББ"
6 аат тыл #
, түөлбэ. Биир-икки саастаах эһэ оҕото
Нууччалыы Медвежонок одного-двух лет
Олорор дьиэлэрэ буоллаҕына -- сэттэ тиһэх эһэ тириитэ бүрүөлээх лип халҕан дьиэллээх. ПЭК ОНЛЯ I. Түбэстэҕинэ биир арҕахтан биэс-алта эһэни хостуохха сөп. Ол аата икки-үс тиһэҕэ, икки-үс наргычата (былырыыҥҥыта) бааллар эбит ПАК АаТХ