Перевод с якутского
атаар
туохтуур
Нууччалыы посылать; отправлять
English to send (someone or something), to dispatch
Ис хоһооно · 11
1 туохтуур #
Нууччалыы посылать; отправлять
English to send (someone or something), to dispatch
дьиэтигэр атаар отправить домойto send home
2 туохтуур #
Нууччалыы провожать
English to send or see someone off
кыыһы атаар проводить девушкуto see a girl off
3 туохтуур #
Кими эмэ ыраах суолга тэрийэн ыыт
Нууччалыы Собирать и провожать кого-л. в дальний путь
Промкомбинакка бииргэ үлэлиир табаарыстара кинини аармыйа кэккэтигэр атаарбыттара. АҮ. Аҕыйах хонон баран, аҕабытын аармыйаҕа атаарбыппыт И. Гоголев
4 туохтуур #
Кими эмэ кытта быраһаайдаһан, ханыаха эрэ диэри бииргэ хаамыс, тириэрт
Нууччалыы Провожая кого-л. пойти вместе с ним до какого-л. места
Сарсыарда аҕалаах ийэтэ уолларын дэриэбинэ уһугар диэри атаарбыттара. Софр. Данилов. Хабырыыс сарсыарда аайы Ыраайаны оскуолатыгар атаарар. И. Гоголев Дьэргэли, наарталар кэлин ыллыктарыгар үктэнэн туран, аарааҥҥа диэри миигин атаарбыта П. Филиппов
5 туохтуур #
Кими, тугу эмэ ханна эмэ ыыт
Нууччалыы Отправлять, отсылать кого-что-л. куда-л
Бостуой санааҕын эрэйдээмэ, арахсар суругу оҥорторон, суукка атаарбыт этилэр, хата эйиэхэ арахсарыҥ ордук буолбат дуо? А. Софронов Тугу да билбэт буолбут киһини, биһиги санитардарбыт булан бэрэбээскэлиир пууҥҥа илпиттэрэ. Онтон полевой госпитальга атаарбыттара.
Суорун ОмоллоонСаккырыыр сардаҥа Саһарҕа кыымынан Доҕорум аатыгар Бирибиэт атаардым П. Тулааһынап
6 туохтуур #
Ааһан иһэри батыһыннары көр
Нууччалыы Провожать глазами уходящего, уезжающего
Тугу да саҥарбата, кинилэри хараҕынан атаарда Н. Габышев
7 туохтуур #
Ханнык эрэ кэм устатыгар ханна эмэ олохсуйан олоро эбэтэр тохтуу сырыт
Нууччалыы Прожить, пробыть какое-л. время где-л
Федор Васильевич бу нэһилиэккэ төрөөбүтэ, улааппыта, сааһын бүтүннүүтүн кэриэтэ атаарбыта. Софр. Данилов. Александр күһүҥҥү күннэри хаайыы хараҥа хоһугар атаарда. М. Доҕордуурап Оттон туора Тумулу мин Олус ахтар сирим мэлдьи: Онно оонньоон улааппытым, Оҕо сааспын атаарбытым Күннүк Уурастыырап
8 туохтуур #
Ханнык эрэ бырааһынньыгы эбэтэр олоххо буолар бэлиэ түбэлтэни бэлиэтээн аһар, ыл
Нууччалыы Отмечать какой-л. праздник или какое-л. знаменательное событие в жизни
Манна “Кириһиэнньэ түүн” суруйааччы урут түҥкэтэх, хара тыа сирин оҕолоро кыһыҥҥы таҥара бырааһынньыгын хайдах атаарбыттарын туһунан кэпсиир. Софр. Данилов. Дьэ онон биир тымныы соҕус киэһэ дьахтар бырааһынньыгын атаара Өксүү оҕонньорунаан аргыстаһан испиттэрэ. Н. Заболоцкай Уон алтыс үйэ иккис аҥаарынааҕы аҕа уустарын баайдара сааскы ыһыахтары атаараллара БИГ ӨҮөС
9 туохтуур #
Ханнык эрэ үлэни, дьаһалы тэрийэн ыыт
Нууччалыы Осуществлять, проводить какое-л. дело, мероприятие
Арай миигин Дулҕалаах нэһилиэгэр сир үллэһигин атаарарга улуус ситэриилээх кэмитиэтин боломуочунайынан анаан кэбистилэр А. Бэрияк
10 этии #
Анараа дойдуга атаар - өлөр, өлөрөн кэбис Кини элбэх маннык көкөтү анараа дойдуга атаарда ини. Софр. Данилов. Тоороной-Тоороной өйдөөх Тииҥ мэйиитэ мэйиилээх, Ала-Торҕону амаҕаччылаан Анараа дойдуга атаарар.
Нууччалыы Отправлять на тот свет (убивать кого-л.)
Этиилэр
Тиһэх суолга атаар көр тиһэх суолугар атаар
П. А. Ойуунускай М. И. Калинин үлэһит аймах тапталлаах сирдьитэ өлбүтүн туһунан ыар хомолтолоох сураҕы эппитин истибитэ уонна кинини тиһэх суолга атаарар траурнай күннэри онно, Москваҕа, ылсыбыта. ФЕВ УТУ. Тиһэх суолугар (суолга) атаар - өлбүтү сиэри-туому тутуһан көмп.
Провожать в последний путь покойника по установившемуся обычаю.
[Татьяна] аҕабытын тиһэх суолугар даҕаны атаарарбытыгар кэлэ сылдьыбатаҕа. М. Попов Кинини биһиги, оскуола бүтүннүүтэ, кыһыл былаахтаах, барабааннаах, горннаах тахсан, тиһэх суолугар атаарбыппыт. “ХС”
11 этии #
Нууччалыы Старинный якутский национальный обряд: проводы богини покровительницы родильниц (совершается на третий день после родов)
Айыыһыты атаар эргэр., миф. - саха былыргы сиэрэ-туома: оҕоломмут дьахтар дьиэтиттэн кинини араҥаччылыыр айыыһыт барыытын бэлиэтээһин (дьахтар оҕоломмута үһүс күнүгэр буолар) Эдьээн иэйэхситин эргиппит, Ахтар айыыһытын ахталыппыт Араҕас арыытын аҕаан Айыыһыт атааран Айдаара олорбуттар эбит.
П. ОйуунускайМаҥнайгы оҕолоро - убайым Спиридон - төрөөбүтүгэр оҕоломмут үөрүүлэрин биир айа куобаҕынан бэлиэтээн, айыыһыт атаарбыттар. Ф. Софронов Тюрк. аткар