ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кэрит

Нууччалыы провожать, водить, возить покойника по местам, где он бывал при жизни (по старинному поверью - о духах). [Баһылай:] Доропуун барахсаны көмнүбүт, бу түүн кэритиэхтэрэ, манна сылдьыбыт сирэ этэ, хайаан да манна таарытыахтара

бэй. туһ. Өлбүт киһини тыыннааҕар сылдьыбыт сирдэринэн сырытыннар (былыргы итэҕэл быһыытынан - абааһылар тустарынан)

Нууччалыы Провожать, водить, возить покойника по местам, где он бывал при жизни (по старинному поверью - о духах). [Баһылай:] Доропуун барахсаны көмнүбүт, бу түүн кэритиэхтэрэ, манна сылдьыбыт сирэ этэ, хайаан да манна таарытыахтара

  • кэрий диэнтэн дьаһ. туһ. Аҕытаатардар хаһыаты ыал аайы кэритэ сылдьан аахтардылар.
    М. Доҕордуурап
  • Эркэй алаастары, үрүйэлэри кэритэ сылдьан, уолугар сылгы үөрүн билсиһиннэрбитэ.
    И. Федосеев
  • Урукку аҕыраадабын кэритэ икки хос эрээтинэн олордубут мастарым бэйэлэрэ даҕаны дьоһун хахха этилэр. Д. Дефо (тылб.)
Өссө холобурдар (2)
  • Урукку эбитэ буоллар, өлбүт киһини кэритэллэриттэн куттанан, көмүүгэ мунньустуохтааҕар, ол киэһэ дьиэттэн да тахсыа суох этилэр.
    Амма Аччыгыйа
  • Абааһы туһунан кэпсэтэр Ахтыһар, куттуур этилэр, Арыт өлбүт үөрүн кэритэр Дьааһык киэһэлэр кэлэллэр
    Дьуон Дьаҥылы

«К» буукуба